Педфак устудьуоннара эдэр саастарын эргиттилэр (видео)

Share

Кыһыҥҥы суол сабыллыан иннинэ, киин куоракка бииргэ үөрэммит дьон  устудьуоннааҕы эдэр саастарын ахтыһан ааһан, көрсөр кэмнэрэ үүннэ.

Ол курдук, Саха судаарыстыбаннай университетын педагогическай факультетыгар 1981-1985 сылларга үөрэммит ПиМНО (алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэминиир салаа), ИПО (үлэ уонна уруһуй уучууталларын бэлэмниир салаа), РОЯШ (саха оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литературатын бэлэмниир салаа), ФО (физкултуура учууталларын бэлэмниир салаа) отделениеларын бүтэрбит дьон көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Бу иккис төгүлүн көрсөллөр. Былырыын тутар этэрээттэр көрсүбүттэр.  Тэрээһини ПиМНО-лар бэлэмнииллэр эбит.

Бу киэһэ 80-с сыллардааҕы устудьуоннар билигин өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын тутаах учууталлара, завучтар уонна дириэктэрдэр, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар бочуоттаах үлэһиттэр  эдэркээн саастарыгар төннөн, бэйэлэрин ситиһиилэрин кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.

Ол курдук, ИПО-81 салаатын  биир бастыҥ устудьуона, билигин СӨ норуотун маастара Майкуота Ноговицына  үлэлэрэ 2017 сылтан  Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах быыстапкаҕа кытталлар эбит.

Саха Далбар Хотуна  «Өбүгэ ситимэ» айар түмсүүнү тэрийэн үлэлэтэр, бэйэтин баай уопутун маастар-кылаастары ыытан үллэстэр.

Норуот маастарын үлэлэрин билиһиннэрэн туран,  бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ Майкуота Васильевна тикпит саха киэргэллэрин кэтэн көрдөрдүлэр.

ПиМНО кыргыттара эмиэ тарбахтарыгар талааннаах иистэнньэҥнэрин, айар куттаахтарын көрдөрдүлэр.

Бииртэн биир талааннаах үлэ тахсан истэ. Холобур, бу ФО салаатын бүтэрбит Надежда Максимова кыбытык тигиитэ — сөҕүмэр үлэ!

Мирослава Данилова (ПиМНО-82) бэйэтэ тикпит үлэлэрэ маастарыстыба үрдүк таһымнааҕын  туоһутунан буолла. Дьэ, талааннаах да дьон бааллар эбит!

Ити курдук, педфак устудьуоннара 80-с сыллардааҕы эдэр саас ырыаларын ыллаан, ол саҕанааҕы кэм муусукатынан үҥкүүлээн, эдэр саастарын эргиттилэр.

«Уонна хаһан…» диэн санаанан, толкуйтан педфак устудьуоннара аны сайын эмиэ көрсүөх буолан араҕыстылар. Ити курдук үтүөкэннээх түгэннэри бэйэ-бэйэҕитигэр бэлэхтии сылдьыҥ, күндү доҕоттор!

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

35 минут ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

4 часа ago