Пекиҥҥэ дохсун ардахтан 30 киһи өллө
29.07.2025, 18:00

Хаартыска: PxHere саайтан.
Бөлөххө киир:
Пекиҥҥа дохсун ардахтан уонна ол содулуттан буолбут халаантан 30 киһи суорума суолламмыт, былаастар 80 тыһ. олохтооҕу эвакуациялаабыттар. Бу туһунан Кытай киин тэлэбиидэнньэтэ иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.
Тэлэбиидэнньэ биэрбит сибиэдэнньэлэринэн, тыына быстыбыт 28 киһи куорат хоту өттүгэр баар Миюнь диэн оройуон олохтооҕо эбит. Уу ылбыт сиригэр автомагистраль уонна уот лииньийэтэ алдьаммыттар.
Пекиҥҥэ бүтэһик хас даҕаны күҥҥэ түспүт ардахтар ортотунан 166 мм тэҥнэспит. Оттон сорох оройуоннарыгар 544 мм буолбут. Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин дьону өлүүгэ тиэрдибэт туһуттан бары күүһү уурарга диэн сорудахтаабыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: