Пелагея Прокопьева: «Хаҥалас улууһа мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэннэригэр улахан болҕомтотун уурар»
Бу кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит өрөспүүбүлүкэлэри көмүскээһиҥҥэ ыҥырыллан барбыт дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарар. Улуустарга, куораттарга олохтоох салалталар тэрээһиннэринэн дьон-сэргэ ытык иэстэрин төлүү барбыт дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү тиһигин быспакка оҥорор. Сир-сир ахсын нэһилиэнньэ хаһааҥҥытааҕар да сомоҕолоһон, биир өйгө-санааҕа кэлэн, бары күүһү бу тирээбит кыһалҕалаах кэмнэри туорааһыҥҥа уурда.
Ол туһунан Хаҥалас улууһун социальнай бэлиитикэҕэ отделын исписэлииһэ Пелагея Прокопьева санаатын үллэстэр.
— Хаҥалас улууһун салалтата, нэһилиэктэргэ олохтоох былаастар мобилизацияламмыт дьоммут дьиэ кэргэннэригэр улахан болҕомтолорун уураллар. Ол курдук улуус дьаһалтатын бүддьүөтүттэн хас биирдии ыалга харчынан көмө оҥоһуллан эрэр. Хас биирдии нэһилиэккэ баһылыктар маннык дьиэ кэргэннэр кыһалҕаларын быһаарарга, кыстыкка киириигэ бэлэмнэниигэ, от, мас, муус тиэйиитигэр, саҥа дьиэҕэ киирээччилэргэ уо.д.а. көмөлөрү оҥорууну тэрийэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Нэһилиэк аайы волонтерскай бөлөхтөр тэриллэн үлэлииллэр. Кинилэр кимиэхэ туох көмө, быстах үлэ наада буоллаҕына, тута тиийэн көмөлөһөллөр.
Улууспутугар психологическай көмөҕө наадыйааччыларга өйөбүлү оҥорор үлэ барар. Психологтар киирбит сайаапкаларынан дьиэлэринэн сылдьан эбэтэр нэһилиэктэргэ кытта тиийэн үлэлииллэр. Итиэннэ улуус дьаһалтатыгар “Суһал линия” диэн биир төлөпүөн ананан дьон ыйытыыларыгар хоруйдары, сүбэлэри, быһаарыылары тутатына биэрэ олоробут.
Хас биирдии мобилизацияламмыт дьоммут дьиэ кэргэнэ туох көмөҕө наадыйарын билээри анал бэрээдэгинэн толоруллар ыйытык ыыппыппыт. Онно дьиэ кэргэн дьонун састааба, оҕолорун ахсаана, дьиэтин-уотун туруга, хаһаайыстыбата, ыал ханнык көмөҕө наадыйара толоруллан, барыта ырылыччы көстөн тахсыбыта. Ол быһыытынан чопчу үлэ барар. Ити оҥоһуллубут дааннайдар баазаларын күн аайы көрө олорон, туһааннаах нэһилиэктэри кытта үлэлиибит.
Мобилизацияламмыт уолаттарбытын көрсө, билсэ Хабаровскай, Благовещенскай, Уссурийскай хайысханан Хаҥалас улууһуттан икки бэрэстэбиитэл барбыта. Наколенник, балаклава, бэрчээккэ, сиргэ олорорго сөптөөх олбох игин илдьэн туттардылар. Кэлин атын дьон эмиэ онно барарынан нэһилиэктэртэн эбээлэр бэлэмнээбит сылаас наскыларын уо.д.а. биэрэн ыыппыттара тиксэриллибитэ. Мобилизованнай дьоммутугар көмөлөһөр пуонда иһинэн көмө харчы хомууругар счет уонна касса арыллыбыта. Дьон-сэргэ олох көхтөөхтүк кытталлара, ким да туора турбата санааны көтөҕөр, эрэли күүһүрдэр.
Бука барыбытыгар кытаанах тулууру, үтүөҕэ бигэ эрэли баҕарабын, дьоллоох, сырдык, эйэлээх олохпут хайаан да салҕаныа!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: