Перинатальнай киин 5 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир
2018 сыл кулун тутар 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саҥа Перинатальнай киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Дьокуускай куоракка Стадухин уулуссатын 81/9 нүөмэригэр баар Перинатальнай киин «Ростех» судаарыстыбаннай корпорация СӨ бырабыыталыстыбатын кытары бииргэ үлэлээһиннэрин, «Доруобуйа харыстабылын модернизациялааһын. Перинатальнай кииннэри сайыннарыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн тутуллубута.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Перинатальнай киини бырайыактыырга, тутарга уонна олоххо киллэрэргэ кылгас кэм иһигэр элбэх үлэни ыыппыта. 1789 мэдиссиинискэй тэрил, ол иһигэр неонатальнай тиэхиньикэ, интенсивнэй терапия инкубатордара, тыҥа ускуустубаннай вентилятордара уо.д.а. атыылаһыллыбыттара. Киини үлэһиттэринэн хааччыйарга симуляционнай-тренинговай кииннэргэ 60 мэдиссиинискэй үлэһити бэлэмнээбиттэрэ, 55-тэн тахса исписэлиис идэҕэ эбии үөрэммитэ. Перинатальнай киин үлэтин тэрийэргэ улахан кылааттарын Мэдиссиинэ национальнай киинин дириэктэрэ Н.В.Лугинов, Перинатальнай киин дириэктэрэ Т.Ю. Павлова, киин генеральнай дириэктэрин акушерствоҕа уонна гинекологияҕа солбуйааччы С.И.Данилова, дириэктэри неонатологияҕа солбуйааччы Е.И.Бурцева, кылаабынай мэдиссиинискэй сиэстэрэ Е.А.Высоцкая, ОМО сэбиэдиссэйэ В.В.Ершова, дьыаланы-куолуну оҥорооччу Д.Е.Шамаева, АФО сэбиэдиссэйэ И.А.Васильева, ОПБ сэбиэдиссийэ М.П. Афанасьева уо.д.а. киллэрбиттэрэ.
Аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн сэбилэммит Перинатальнай киин 2018 сыл кулун тутар 12 күнүттэн толору кыаҕынан үлэлээн барбыта. Кулун тутар 6 күнүгэр Киин үөрүүлээхтик аһыллыбытын кэнниттэн аан бастакынан төрөөбүт оҕону дьиэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаарбыттара.
Онон, иккис Перинатальнай киини арыйыы оҕо уонна ийэ өлүүтэ аҕыйыырыгар, кыра ыйааһыннаах оҕолор тыыннаах хаалалларыгар көмөлөһөр уонна Саха сирин ийэлэригэр уонна оҕолоругар табыгастаах, хаачыстыбалаах көмөнү оҥорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: