Перинатальнай киин — мэдиссиинискэй көмөнү тэрийии тустаах технологията
РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, 2025 сылга диэри Уһук Илин демографияҕа бэлиитикэтин кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ. Кэнсиэпсийэ соруга – демография балаһыанньатын төрдүттэн уларытыы.
Саха сирэ билигин Уһук Илин субъектарын ортолоругар оҕо төрөөһүнүн уонна олох уһунун көрдөрүүлэригэр инники иһэр. Төрөөһүн көрдөрүүтэ лаппа үрдүк, нэһилиэнньэ өлүүтэ, дойду көрдөрүүлэрин кытары тэҥнээтэххэ, намыһах. Оҕо төрөөһүнүгэр үчүгэй көрдөрүүлэри илдьэ сылдьыы – Ил Дархан ыытар уонна бырабыыталыстыба олоххо киллэрэр дьаһалларыгар уонна судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ биир кэлим үлэ түмүктэрэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүл дьаһаллара туһаныллаллар, төрөөһүн элбиирин көҕүлүүргэ аналлаах өйөбүл саҥа миэрэлэрэ ылыллаллар.
Ол түмүгэр Саха сиригэр демография балаһыанньата үчүгэй көрдөрүүлэрдээх.
Перинатальнай мэдиссиинискэй киин – киэҥ хайысхалаах килииникэ, манна саамай аныгы мэдиссиинискэй технологиялары, тэриллэри туһанан тустаах сүбэни-аманы биэрэллэр, оҕо күүтэр уонна төрөөбүт дьахталлары, саҥа төрөөбүт кырачааннары эмтииллэр уонна доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр.
«Перинатальнай киин — Оҕо төрөтөр үчүгэй дьиэ эрэ буолбатах, хат буолуу кэмэ этэҥҥэ ааһарыгар уонна чэгиэн оҕо күн сирин көрөрүгэр хайысхаламмыт мэдиссиинэ көмөтүн тэрийии тустаах технологията. Биһиги федеральнай бырагыраамалар көмөлөрүнэн аныгы тэриллэри атыыласпыппыт, онон билигин төрүөхтээх уонна төрөөбүт дьахталлар доруобуйаларын туруктарыгар былааннаммыт динамическай хонтуруол баар. Биһиги оҕо күүтэр уонна төрөөбүт дьахталлар, интенсивнэй көмөҕө наадыйар кырачааннар туруктарын суһаллык кэтээн көрөр уонна туох эмэ сыыстарыы баар буоллаҕына, анал көмөнү бириэмэтигэр оҥорор кыахтанныбыт”, – диэн куорат килиниичэскэй балыыһатын акушерствоҕа уонна гинекологияҕа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Данара Донская кэпсээтэ.
Демографияҕа судаарыстыба бэлиитикэтин дьаһалларын түмүгүн, дьиэ кэргэни тэрийэргэ уонна оҕо төрөтөргө усулуобуйаны тупсарыы, оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ эбии дьаһаллар комплекстарын оҥоруу тустарынан Уһук Илин уонна Арктика демографията туруктаахтык сайдарыгар анаммыт Бүтүн Арассыыйатааҕы 8-с кэмпириэнсийэҕэ дьүүллэһиэхтэрэ. Кэмпириэнсийэ Амур уобалаһыгар от ыйын саҥатыгар ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: