РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков хорсун быһыытын кэнниттэн ефрейтор Андрей Григорьевка Арассыыйа Дьоруойа ааты иҥэрии хайдах түргэнник быһаарыллыбытын туһунан быһаарда.
Бу туһунан ТАСС суруйар. «Бу сыалга тустаах бэрээдэк баар. Кини наҕараадаҕа түһэриллибитэ, оттон Бэрэсидьиэн маннык быһаарыыны ылыммыта», — диэн Кириэмил бэрэстэбиитэлэ брифинг кэмигэр суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата. Санаттахха, Григорьев өстөөҕү кытта хапсыһыытын видеота уонна интервьюта сыл саҥатыгар социальнай ситимнэринэн күүскэ тарҕаммыта.
Хорсун байыас өстөөҕү кытары биир-бииргэ киирсибит видеота тарҕаммытын кэнниттэн, өссө хас да күн устата сылдьан утарылаһааччылары, бронетехникалары суох оҥорбута, боеприпастаах ыскылааты эспитэ биллэр.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…
Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…
Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…
"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу улуустарыгар,…