Петербург худуоһунньуга Дьоруой мэтириэтин уруһуйдаата

Петербург худуоһунньуга Дьоруой мэтириэтин уруһуйдаата

23.01.2024, 16:46
Хаартыска: социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир:

Санкт-Петербург худуоһунньуга олоҕун толук уурбут саха Дьоруойун мэтириэтин уруһуйдаата. Онон «Уголь земли русской» федеральнай бырайыак чэрчитинэн, өссө биир мэтириэт — биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров өлбөт-сүппэт мөссүөнэ эбилиннэ.

Ороһуоспаҕа бэрэсидьиэн Владимир Путин байыаннай дьайыыга тыыннара быстыбыт буойуттар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүбүтэ. Онно Дмитрий Егоров кэргэнэ, оҕолоро бааллара. Аҕаларын ситэ олорботох олоҕун кинилэр салгыыллар.

Буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи ыстаабын салайааччы Марина Бахилина хорсун быһыы, Дьоруой мөссүөнэ умнуллуо суохтаах диэн санааттан, Санкт-Петербурга баар кэмитиэт салайааччыта Любовь Рубаникка көрдөһүүлээх тиийбитэ. Рубаник Петербург худуоһунньуктарын кэпсэтэн, Дьоруой мэтириэтин уруһуйдуулларыгар кэпсэппитэ.

Мэтириэти худуоһунньук Виктор Чернов уруһуйдаата. Худуоһунньук бэйэтэ эмиэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, уруккута «Росгвардия» байыаннай сулууспалааҕа. Дьоруой аатын үйэтитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрэргэ быһаарыммыта.

Дмитрий Егоров — дьиҥнээх патриот уонна Аҕа дойдуну көмүскээччи. Төрөөбүт дойдутунан киэн туттан, «Сунтаар» диэн позывнойдаах этэ. Кыайыы туһугар тиһэх тыыныгар диэри охсуһан, Ийэ дойдутун туһугар олоҕун толук уурбута.

Хаартыска: "Ярославский телеграф"

«Уголь земли русской» — бу Аҕа дойдуну көмүскээччилэр,  байыаннай дьайыы  Дьоруойдарын мэтириэттэрин быыстапката. Манна худуоһунньуктар мэтириэттэрин анал чоҕунан уруһуйдууллар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: