Петр Аммосов: «Дойду бары хомуньуустара бу анал эпэрээссийэ ыытыллыытын өйдүүбүт уонна өйүүбүт»

Share

Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар сыһыан олус тыҥааһыннаах, утарыта киирсиилэр тохтоло суох бара тураллар. Арассыыйаны, нуучча аармыйатын, сэбилэниилээх күүстэрин, бүтүн норуоту, нуучча тылын уонна култууратын, духуобунай нэһилиэстибэтин, пааматынньыктарын анаан-минээн хараардыы, соруйан түһэрии куомуннаспыт арҕаа дойдулар соҥнооһуннарынан кимиилээхтик күүскэ барар. Ону куйаар ситимин бары ханаалларынан кыһаллан туран тарҕаталлар. Маннык салҕанан бардаҕына, аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьылҕаларыгар, тылларыгар, култуураларыгар куттал суоһуон сөп.

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин  РФ Судаарыстыбаннай дууматыгар дьокутаата, РФКП фракциятын чилиэнэ Петр Револьдович Аммосов кылгастык бу курдук кэпсээтэ:
— Биһиги баартыйабыт салайааччыта Геннадий Зюганов урукку сойууһунай өрөспүүбүлүкэ буоларын быһыытынан бырааттыы Украинаны кытта атааннаспакка, эйэлээх буолууну хаалларар туһуттан гаас уонна ньиэп сыанатын 50-60 дуолларга диэри түһэриэҕиҥ диэн өссө 2008-2009 сылларга этии көтөҕөн турар. Оччолорго ону ким да истибэтэҕэ. Евромайдааҥҥа тиийэ айдаан тахсыбытыгар, 2014 сыллаахха Геннадий Зюганов тоһоҕолоон этэр турар – кэнники, эрдэ эбэтэр хойут, бу Евромайдаан Арассыыйа сиригэр ааҥнаан киириэҕэ диэн. Маны туоратар наадатыгар Донецкайы уонна Луганскайы, кинилэргэ сүбэрэнитиэт биэрэн туран, төһө кыах баарынан эрдэттэн ылан кэбиһиэххэ баара диэбитэ. Ону эмиэ истибэтэхтэрэ.
Онтон билигин бу кыһалҕаттан саҕаламмыт анал байыаннай эпэрээссийэни дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрэр быһаарыыныытын Арассыыйаҕа фашизм уонна нацизм ааҥнаан киирбэттэрин эрэ туһуттан ылынарыгар тиийбитэ. Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэр Арассыыйа састаабыгар киирэллэригэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа биһиги фракциябыт биир киһи курдук куоластаабыппыт. Судаарыстыбаннай Дуумаҕа ылыллыбыт ити уураах ааптардарынан биһиги фракциябыт буолар.
«Дугдуруй да, оҕус» диэн сахалыы өс хоһооно баар дии. Ханнык даҕаны түбэлтэҕэ биһиги бу анал байыаннай эпэрээссийэни өйөөтүбүт, онон кэннибитинэн чугуйбаппыт уонна бэйэбит этиибититтэн харыс да халбаҥнаабаппыт. Бары билэ-көрө, истэ сылдьабыт дии – бассаапка, ютубка Арассыыйаны, дойдубут Сэбилэниилээх күүстэрин, нуучча норуотун, тылын-өһүн, култууратын, пааматынньыктарын арааһынайдаан тэпсии, хараардыы, соруйан суулларыы, баһааҕардыы, аһаҕастык үөҕүү, балыйыы, түһэрии күүскэ бара турарын. Биһиги итинник дьайыыларга күүстээхтик утарсыах тустаахпыт.
Маннык балаһыанньаҕа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа үлэлиир бары фракциялар нуучча омугун уонна нуучча тылын харыстааһыҥҥа күүскэ үлэлии сылдьаллар. Былырыыҥҥыттан ыла тэрээһин үлэни ыытан, бу алтынньы 28 күнүгэр Тверь уобалаһыгар баар Кувшиново куоракка языковед, лингвист, нуучча тылын тылдьытын ааптара Сергей Иванович Ожегов төрөөбүт күнүгэр аналлаах “төгүрүк остуолга” тыл этэн кытынным. Онно, бастатан туран, нуучча омугун, нуучча тылын харыстыырга түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ диэн, дойду киин куоратыгар Москваҕа нуучча тылынан суруллубут афишалары элбэтэргэ, омук тыллаах афишалары суох оҥортуурга этии киллэрдим. Нуучча норуотун тылыгар-өһүгэр, духуобунай баайыгар итинник сыһыан бара турар кэмигэр бары бүттүүн утарыласпатахпытына, сотору биһиги курдук норуоттарга итинник дьэбир сыһыан тэнийиэн сөп. Ити өттүгэр барыта бэрээдэктэннэҕинэ, салгыы аҕыйах ахсааннаах омуктарбыт тылларын, духуобунастарын харыстааһыҥҥа күүскэ ылсарбыт эрэйиллэр. Итинник салҕанан бардаҕына, омук быһыытынан сүтэн хааларга тиийбэт туһуттан диэн тоһоҕолоон этэбин. Саха тылыгар уларсыллан киирбит эҥин эгэлгэ тыл элбээтэ. Биһиги дойдубут элбэх омуктаах норуоттаах буоларынан, барыта ыкса ситимнээх.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах ыҥырыынан барбыт дьоммутугар РФКП фракциятыттан көмөлөрү ыыта олоробут. Саллааттарбытын туох наадалааҕынан барытынан хааччыйыыга биһиги булуохтаахпытын булабыт, көмөлөһүөхтээхпитин көмөлөһөбүт дии саныыбын. Онон өҥ туттар табыллыбата да буолуо. РФКП-та, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа биһиги фракциябыт, дойду бары хомуньуустара бу анал эпэрээссийэ ыытыллыытын өйдүүбүт уонна өйүүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago