Петр Черкашин: «Сарсыарда эрдэ кэлэн быыбарга кытынным»

Share

Бүгүҥҥүттэн, кулун тутар 15 күнүттэн, РФ Бэрэсидьиэнин быыбара саҕаланна. Саха сиригэр барыта 811 быыбардыыр учаастак үлэлиир.

Спортсмен уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Петр Черкашин бүгүн сарсыарда быыбарга кытынна. Ол туһунан санаатын маннык үллэстэр:

— Үс күннээх РФ Бэрэсидьиэнин талар быыбарбыт саҕаланна, хас биирдии олохтоох гражданскай иэһин толоруохтаах. Мин бу эппиэтинэстээх дьыаланы уһата барбакка, быыбардыыр учаастакка тиийэ сырыттым. Сайдыы туһунан, туох тутуллубутун, үлэҕэ киирбитин туһунан элбэҕи этиэххэ сөп, ол барыта биллэр-көстөр, Арассыыйа билигин түргэнник сайдар. Мин уонна мин дьиэ кэргэним, чугас дьонум бары быыбарга кытталлар, эрэнэр хандьыдааттарыгар куоластыахтара. Мин биир бэйэм күүстээх, дьулуурдаах майгылаах, кырдьыгы этэриттэн куттаммат киһини өйүүбүн. Кини норуотун туһугар үлэлиэҕэ диэн эрэнэбин!

Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр быыбар үс күн ыытыллар: кулун тутар 15, 16 уонна 17 күннэригэр. Быыбардыыр учаастактар 8.00 чаастан 20.00 чааска диэри үлэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

14 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

1 час ago