Петр Чупров — «Аҕа күрэҕин» үс төгүллээх кыайыылааҕа

Share

1999 сылтан Саха сиригэр «Аҕа күрэҕэ» Арассыыйаҕа бастакынан олохтонон, пандемия сылларыттан ураты, сыл аайы ыытыллан кэллэ. Бу сыллар тухары төһөлөөх уоллаах аҕа күрэххэ киирсэн, эр дьон күүһүн-кыаҕын, булугас өйүн, тобуллаҕас толкуйун көрдөрөн өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыта-сураҕырбыта буолуой?

Дьиктитэ уонна хайҕал­лааҕа диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ хас да төгүл, арыт субуруччу кыайыы­лаах буолар дьиэ кэргэттэр бааллар. Бүгүҥҥү биһиги дьоруойбут Петр Романович Чупров – «Аҕа күрэҕин» үс төгүллээх кыайыылааҕа!

«Күтүөт уолу сириэхтэрин баҕарбаппын…»

Үлэни, үөрэҕи, успуорду, чөл олоҕу өрө туппут иллээх-эйэ­лээх Сардаана уонна  Петр Чупровтар Таатта улууһун Туора Күөл сэлиэнньэтигэр олороллор. Ыал ийэтэ Сардаана Васильевна – психолог, бастыҥ учуутал. Дьиэ кэргэнигэр суон дурда, халыҥ хахха буолар аҕалара Петр Романович – Таатта улууһун аҕаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Дьүлэй нэһилиэгин сэбиэтин  дьокутаата, нэһилиэк  аҕаларын түмсүүтүн  салайааччыта, «Дохсун» эр дьон ырыа ансаамбылын чилиэнэ (араас куонкурустар лауреаттара, Гран-при хаһаайыннара), Саха сирин аҕаларын сийиэһигэр Таатта улууһуттан кыттыбыта.

Петр оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Сардаана диэн кэрэ ааттаах кыыһы кытары сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, 2001 сыл­лаахха ыал буолбуттара. Сардаана Васильевна Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэр кэмигэр Бүлүүгэ баран олорбуттара, манна бастакы оҕолоро күн сирин көрбүтэ. Төрөөбүт дойду ахтылҕана баһыйан, дойдуларыгар Туора Күөлгэ эргиллэн кэлэн, 4 оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэрэ. Оҕолор этэҥҥэ улаатан, билигин  улаханнара 23 саастаах Айлаан ыраах рейстэргэ сылдьар суоппар, улахан кыыстара Арина – Дьокуускай куоракка доруо­буйа харыстабылын үлэһитэ, Арсен куоракка үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир. Онтон кыралар Амира уонна Айхал – 4-с, 1 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Петр Романович кыыс оҕо аҕатыгар ордук чугаһын, онтон  уолаттарын олус  атаахтаппакка, эр киһилии үлэнэн, бэйэтин холобурунан ииппитин туһунан кэпсиир. Уолаттар, этэргэ дылы, кыра эрдэхтэриттэн кыракый сүгэлэрин, күрдьэхтэрин туппутунан улааппыттар. Эр киһиэхэ, үлэҕэ-хамнас­ка наадалаах үнүстүрүмүөннэр (куйууругар тиийэ) хас биирдиилэригэр баар буоларын аҕалара хааччыйбыт. Улахан уол эбээтигэр-эһээтигэр сыстан, сайын сайылык оҕото буола түһэрэ. Сайын буолла да, дьиэ кэргэнинэн үүтээннэригэр, балаҕаннарыгар хоно сытан илиинэн  оттууллара. Петр Романович: «Кэлин наар тиэхиньикэнэн оттуур буолан, от­­тообот да курдукпут, сынньана барабыт», – диэн күлэ-үөрэ этэр.

Уол оҕону үлэнэн иитиэххэ

Петр Чупров бэйэтин оҕолорун эрэ буолбакка, аймахтарын оҕолорун, кинилэр  кылааһынньыктарын үлэҕэ сыһыарар, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттар. Кини сылгы иитэр баазатыгар, чааһынай пилораматыгар улаатан эрэр уолаттар үлэлэһэн харчылаһаллар. Доҕотторо  Иван Иванович, Дмитрий Николаевич, Дмитрий Иванович Гуляевтардыын, Геннадий Васильевтыын бэ­­йэлэрин кыахтарынан  тэри­йэн, оҕолор сылгы баазатыгар тиийэн, саһаан бэлэмнииргэ, күрүө абырахтыырга, сиэрдийэ бэлэмнииргэ уо.д.а үлэҕэ көмөлөһөллөр. Үлэ бүтүүтэ оҕолору үөрдээри остуол хотойорунан бырааһынньык остуолун тардан күндүлүүллэр. Оҕолор биир саастыы­лаахтарыгар тардыһан уонна тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар сыстаары кэ­­лэллэриттэн Петр Романович үөрэр. Кырдьыга да, билигин үгүс оҕо виртуальнай эйгэни ордорор, онно күндү бириэмэтин «былдьатар» кэмигэр үлэҕэ сыстар, улахан дьоннуун алтыһар тыа сирин оҕолоругар атын биир саастыылаахтара ымсыырыахтарын эрэ сөп.

«Оҕо кыра эрдэҕиттэн  үлэҕэ уһуйуллуохтаах. Холобур, уолаттарым тугу да сатаабат буолан, кэлин ханна эрэ күтүөттүү тиийэн сириллиэхтэрин баҕарбаппын.  Аҕа буоларга, бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин иитэргэ бэлэм буолуохтаахтар. Сорох улахан дьон оҕолоро тиэхиньикэни туһаналларын наһаа боболлорун-хаайалларын утарабын. Ол иһин «Бу оҕо тугу да сатаабат» дииллэриттэн киһи кыһы­йар.  Мин санаабар, ыал аҕата эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарбакка,  барытын сатыахтаах.  Кыра сылдьан ийэм алаа­дьы астаатаҕына аттыгар олорон тэҥҥэ буһарсар этим. Билигин кыра уолум оннук гынар. Уолаттарым билигин, бэйэм курдук, эмиэ  астыыллар», — диэн кэпсиир.

Петр Романович биир кэмҥэ В категорияҕа суоппарга үөрэтэр көҥүлү ылан, элбэх дьону, ол иһигэр ыччаты, үөрэтэн хас да уол ыраах рейскэ сылдьарынан уонна таксыыстаан дьонноругар-сэргэлэригэр тирэх буолалларыттан үөрэр.

Сэһэргэһээччим «Киһиэ­хэ саамай күндү – дьон махтала» диэн мээнэҕэ эппэт.  Кини  алта оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Дьиэ кэргэнинэн ыллыыр, үҥкүүлүүр этилэр. Төрөппүттэрэ (Зинаида Дмитриевна, Роман Романович Чупровтар быйыл бииргэ олорбуттара 50 сылын туолаллар) уонна нэһи­лиэк ытык кырдьаҕастара мындыр өйдөрүнэн-санаа­ларынан, үлэнэн ииппиттэригэр дьылҕатыгар махтанар.  Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр мас ууһа Эрнст Алексеев, Александр Луковцев, Петр Луковцев, Яков Ермолаев, Прокопий Ефимов  уо.д.а. ааттарын ааттаан, кинилэргэ сүгүрүйэр. Оскуолаҕа үөрэппит учуутала, билигин биһиги кэккэбитигэр суох И.И. Гуляевы мэлдьи махтана ахтар.

Учуутал Гаврил Романович оскуола үөрэнээччилэрин кыралаан уһанарга үөрэтэн, Петр Чупров билигин өрөспүүбүлүкэ араас улуус­тарыгар тиийэн улахан тутуулары ыытар тутааччы. Тутааччы уолаттары кытары  Дьокуускайга  “Тыгын башнятын”, «Мясной двор» маҕаһыыны, В.Штыровка балаҕан, ураһа,  Өймөкөөҥҥө  Чысхаан  дьиэтин уо.д.а. туппуттарынан киэн туттар. Чааһынайдарга ынах сүөһү хотонун хаачыстыба­лаахтык уонна түргэнник тутан биэрэр. Дьиэтин тиэргэнигэр сыл аайы араас хаар оҥоһуктары кэчигирэтэн  үөрдүбүтэ 20-чэ сыл буолла.

Биир сиргэ олорон көрбөт, өрөспүүбүлүкэни тилийэ көтөр Петр Чупров курдук  туруу үлэһит дьонноох буолан, Туора Күөл нэһилиэгэ улуус­ка, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар. Онтон Петр Чупров: «Убай дьоммор, ытык дьоммор, нэһилиэ­гим, улууһум дьонугар үтүөнү оҥорон  эдэрдэргэ холобур көрдөрүөхпүн баҕарабын», – диэн олоҕун сыала-соруга чопчу.

«Аҕа күрэҕин» суолтата

– Маннык күрэх уол оҕону үлэҕэ, түргэн-сымса буоларга үөрэтэр, эр киһи, аҕа дьиэ кэргэҥҥэ, уопсастыбаҕа оруолун үрдэтэр. Бэрэбинэни икки өттүнэн суоруу, илии эрбиитинэн маһы эрбээһин, хайы­тан саһааннааһын, остуолбаҕа ыттыы, ойбон алларыыта, биатлон. Маны барытын көрбүт киһи тыа сирин үлэһит дьонунан киэн туттар.

Итинник күрэхтэһиилэргэ кыттан, атын дьону кытары чугастык алтыһан санааттан санаа саҕыллар, өссө туох эрэ үчүгэйи оҥоруоххун баҕараҕын, – диэн «Аҕа күрэҕин» үс төгүллээх кыайыылааҕа Петр Чупров санаатын үллэстэр.

500-чэ нэһилиэнньэлээх Туора Күөлгэ 2024 сыл Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Петр Романович оскуолаҕа сир анатан ылбыт уонна  чааһынай муҥхалаах буолан, араас күрэхтэри тэрийэн, дьонун-сэргэтин өссө түмэр баҕалаах.

БЫҺААРЫЫ:

2014 с.– «Аҕа күрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи 15-с күрэххэ  Петр, Айлаан Романовтар – 1 миэстэ (Горнайга):

2015 с. — 16-с күрэххэ Петр, Айлаан Романовтар – 1 миэстэ (Уус Алдаҥҥа);

2021 с. — 21-с күрэххэ Петр, Арсен Романовтар – 2 миэстэ (Мэҥэ Хаҥаласка);

2022 с. —  22-с күрэххэ Петр, Арсен Романовтар – 1 миэстэ (Чурапчы).

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

43 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago