Салгыы
Петр Догоюсов: «Сибээспитин ыкса тута, билсэ, көмөлөһө олоробут»

Петр Догоюсов: «Сибээспитин ыкса тута, билсэ, көмөлөһө олоробут»

Ааптар:
22.03.2023, 12:30
Хаартыскаҕа А.Лаврентьева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүлүүгэ «Чочу нэһилиэгэ» (Сыдыбыл) муниципальнай тэриллии баһылыга Петр Догоюсов: “Күн бүгүн байыастарбыт дьоннорун кытта сибээспитин ыкса тутан, билсэ, көмөлөһө олоробут. Уолаттар этэҥҥэ кыайыы аргыстаах эргиллэн кэллэллэр диэн күүтэбит!”, — диэн кэпсиир.

— Сыдыбылтан биир уолбут быстах ыҥырыынан баран, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Хайа күн барыаҕыттан, кини ийэтигэр кэккэ көмөлөр тиһигин быспакка бара тураллар.
Күһүҥҥү кэмҥэ олохтоох дьаһалта кыстыыр мууһун киллэрэн биэрбитэ. Чочу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ субуотунньук тэрийэн, тиэргэнин хаарын ыраастаабыттара, дьиэтин хаарынан сыбаабыттара, мууһун дьаарыстаан биэртэрэ. Маны таһынан биир кэмнээх харчынан, бородууктанан, этинэн, муҥха балыгынан көмө оҥоһуллубута, олохтоох «Ампаардаах» хаһаайыстыбата эт-үүт бородууксуйатын тиксэрбитэ.

Биһиги нэһилиэктэн өссө баҕа өттүнэн уонна хантараагынан барбыт Чочуттан төрүттээх уолаттарбытыгар харчынан, дьонноругар бородууктанан көмө оҥоһуллубута.
Нэһилиэкпит байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар улуус ыытар бары аахсыйаларыгар кыттыһа олорор. Түгэнинэн туһанан, бу аахсыйаларга кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын биллэрэбит.
Күн бүгүн бу байыастарбыт дьоннорун кытта сибээспитин ыкса тутан, билсэ, көмөлөһө олоробут. Уолаттар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: