Кэнники кэмҥэ Саха сирин уотун ситимин эрэллээх оҥоруу уонна куттал суох буолуутун хааччыйыы туһунан элбэх кэпсэтии, торумнааһын барар, үлэ оҥоһуллар. Онон сиэттэрэн «Якутскэнерго» ААУо Киин электрическэй ситимнэрин дириэктэрэ Петр Иванову кытары кэпсэттибит.
– Петр Гаврильевич, эн удьуор энэргиэтиктэртэн утумнааххын. Идэҕинэн хаһан үлэлээн саҕалаабыккыный?
– Мин энэргиэтикэҕэ аҕам Гаврил Егорович Иванов туйаҕын хатаран кэлбитим. Аҕам 41 сыл устата дизельнэй уот ыстаансыйатын электромонтерунан, ситим маастарынан, суһал араарыы электромонтерунан үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, кини иллэрээ сыл суох буолбута.
Үөһээ Бүлүүтээҕи физико-математическай оскуоланы бүтэрэн бараммын дойдум иннигэр ытык иэспин төлүү аармыйаҕа барбытым. Кыһыл знамялаах Туркестаннааҕы байыаннай уокурукка салгын оборуонатын сэриилэригэр сулууспалаабытым. Аармыйаттан кэлэн бараммын, бастаан утаа Үөһээ Бүлүү улууһун Хоротугар «Үөһээ Бүлүү» сопхуоска үлэлээбитим. Онтон 1994 с. Үөһээ Бүлүүтээҕи электро-ыстаансыйаҕа монтер үөрэнээччитинэн киирбитим. Сыыйа квалификациябын үрдэтэ-үрдэтэ электромонтер, онтон үллэрии ситимин өрөмүөннүүр уонна туһанар учаастагар маастар, ол кэннэ ыстаарсай маастар буолбутум. «Якутскэнерго» хампаанньа Арҕаа электрическэй ситимнэрин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар 20 сыл үлэлээбитим.
Үлэлии сылдьан 2002 с. М.К. Аммосов аатынан СГУ-га үөрэнэн, кыһыл дьупулуомунан бүтэрэн, инженер-элиэктирик идэтин ылбытым. 2006 с. Москватааҕы энэргэтиичэскэй институту бүтэрэн «Менеджмент и управление проектами» исписээлинэһи ылбытым. 2014 с. Санкт-Петербурдааҕы энэргэтиичэскэй институкка идэбин үрдэтэр кууруһу барбытым. Ити сылга Айхаллааҕы РЭС начаалынньыгынан ананан үлэбин саҕалаабытым. Онтон 2020 с. «Якутскэнерго» ААУо Киин электрическэй ситимнэрин дириэктэринэн анаммытым.
– Энэргиэтик идэтигэр саамай сүрүнэ тугуй?
– Биһиги энэргиэтиктэрбит тыйыс тымныылаах, ураты усулуобуйалаах Саха сиригэр түүннэри-күнүстэри, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо уотунан эрэллээхтик тохтоло суох хааччылларын, олоҕун таһыма туруктаах буоларын туһугар үлэлииллэр. Электромонтер үлэтэ сыраны эрэйэр уустук үлэ. Биһиги уолаттарбыт ханнык баҕарар түгэҥҥэ технологическай кэһиилэри туоратарга бэлэмнэр, кинилэр салгын уонна уот хаабылын ситимин хапытаалынай өрөмүөнүгэр түргэнник үлэлииргэ үөрүйэхтэр.
Энэргиэтиктэр тустарынан уот бардаҕына эрэ саныыллар, оттон уот баар буоллаҕына, ким даҕаны аахайбат. Уот баар да кэмигэр, күн аайы дьон олоҕо туруктаах буоларыгар, уотунан хааччыйыыга тыһыынчанан энэргиэтик, чуолаан, электромонтер үлэлиирин өйдүөххэ наада. Биһиэхэ бастакы миэстэҕэ – үлэһиттэрбит олохторун-дьаһахтарын уонна доруобуйаларын харыстааһын, үлэ харыстабылын бары быраабылаларын тутуһуу турар. Сыыһа-халты туттуу биһиги үлэбитигэр сөбө суох.
– Сайын үлэ үгэнэ буолар. Кыстыкка хайдах бэлэмнэнэҕит?
– Өрөмүөннүүр үлэлэрбит номнуо саҕаламмыттара. Суола-ииһэ суох учаастактарбытыгар, ыарахан уйуктаах тиэхиньикэни сир уйар, тоҥ кэмигэр, саас олох эрдэ эбэтэр күһүн хойутуу үлэни ыытабыт. Биһиги тыйыс тымныылаах, ирбэт тоҥноох, криолитозоналаах сирбит уратытын учуоттаан инфраструктураны оҥоруу уонна олохсуйуу уустуктардаах.
ЛЭП мас тирэхтэрэ 20-25 сыл кэриҥэ сулууспалыыр болдьохтоохтор, ол гынан баран, инчэҕэй, сииктээх сиргэ эмэҕирэллэрэ, сытыйаллара элбэх. Ол иһин РЭС үлэһиттэрэ ситимнэри кичэйэн көрөллөр, хапытаалынай үлэ таһынан, күннээҕи өрөмүөнүнэн эмиэ дьарыктаналлар. Аҥаардас Киин электрическэй ситимнэргэ 110 кВ 35 кылаастаах магистральнай салгын ситимэ уһуна 3,5 тыһыынча килэмиэтир кэриҥэ, оттон уоту үллэрии ситимэ 0,4, 6 уонна 10 кВ 11 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтир.
Үлэ элбэх, ол да буоллар, биһиги иннибитигэр туруоруллубут соругу сылын аайы толоробут. Быйыл өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр 110 кВ кыамталаах «Майа – Чурапчы», «Табаҕа – Мохсоҕоллоох» (110 кВ), «Чурапчы – Хаандыга» (110 кВ (Л-112), «Күп – Уус Маайа» (ВЛ 110, кВ Л-121), «Солнечнай – Югоренок» (ВЛ 35 кВ Л-33), «Сулҕаччы – Эльдикан» (Л-119) магистральнай ситимнэргэ улахан үлэ бара турар.
Итини таһынан, улахан үлэ Горнай улууһугар ыытыллар. Олунньу-кулун тутар ыйдарга икки ситимҥэ 68 тирэх, ол иһигэр ВЛ-35 кВ Л-46 «Аһыма – Орто Сурт» – 40 уонна ВЛ-35(10) кВ Л-47 «Орто Сурт – Кэптин» 28 тирэх уларытылынна. Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС күүһүнэн муус устар ыйга «Аһыма – Орто-Сурт» Л-46 ситимигэр 18 тирэх уларытыллан, бүтүннүү саҥардылынна. Итини таһынан, өрөмүөннүүр үлэлэр Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ уонна Маҥаны нэһилиэгэр – Орто Сурка ыытыллыахтара. Бэрдьигэстэххэ ДРСУ микро-оройуонугар «АС» мааркалаах боруобаты 2 км усталаах СИП-кэ (самонесущий изолированный провод) көһөрөр, ону таһынан 70 тирэҕи уларытар былааннаахпыт. Итинник үлэлэр Орто Сурт сэлиэнньэтигэр ыытыллыахтара, онно 135 тирэх уонна 17 км боруобат уларытыллыа.
– Чугастааҕы сылларга ханна саҥатытыы оҥоһуллуой?
– 2022 сылга Дьокуускай куоракка 110/10 кВ кыамталаах саҥа «Марха» подстанция үлэҕэ киирбитэ, 2023 сылга Жатайдааҕы суудуна собуотун тутуутугар подстанция тутуллан бүтүө. Биһиги уот ситимин саҥардар, боруобаттары СИП-кэ уларытар уонна сыыйа ситимнэри бүтүннүү тимир тирэххэ уларытар былааннаахпыт.
Подстанциялары, ДЭС-ри уонна ПАЭС-ри саҥардыы, оборудованиелары эрэллээхтик үлэлииллэригэр саҥа технологиялары киллэрии былааннаахтык барар.
– Дьиэ кэргэҥҥин, үлэҕин уонна атын дьарыккын хайдах дьүөрэлиигин?
– Кэргэммин кытары 30 сыл бииргэ дьоллоохтук олоробут. Лариса Васильевналыын номнуо улааппыт икки оҕолоохпут, кыракый сиэн уоллаахпыт. Биллэн турар, үлэни уонна дьиэ кэргэни сатаан дьүөрэлиир олус улахан суолталаах. Дьиэ кэргэммин кытары өрөбүллэрбитин бары бииргэ атаара, айылҕаҕа сылдьа сатыыбыт. Улахан тэрилтэ салайааччыта буоларым быһыытынан, мэлдьи сибээскэ баарбын. Ардыгар олох хойукка диэри үлэлиибин, онно эрэллээх тыыл буолар, өйдүүр, өйүүр, тапталлаах кэргэммэр махтанабын. Уоппускабын үс чааска араараммын сынньанабын уонна эбэһээт, төрөөбүт дойдубар, Үөһээ Бүлүүгэ сынньанан күүс-уох ылабын.
Оҕо эрдэхпиттэн успуордунан үлүһүйэбин, саалаҕа мэлдьи сылдьабын, бильярдка оонньуурбун астынабын. Кэлэктииппитигэр эмиэ успуордунан, айымньылаах үлэнэн дьарыктаналларын уонна чөл олоҕу тутуһалларын өйүүбүт.
– Кэпсээниҥ иһин, махтанабын.
Киин электрическэй ситимнэр Саха сирин киин өттүн – Дьокуускай куораты, Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы уонна Хаҥалас улуустарын уотунан хааччыйар. Ол курдук, биһиги тэрилтэбит өрөспүүбүлүкэ 409 тыһ. кв.м. иэннээх сирин хабар.
Барыта 1,5 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. Биһиги кэлэктииппит тэрилтэ иннигэр туруоруллубут соругун толорорго көхтөөхтүк уонна түмсүүлээхтик үлэлиир.
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…