Петр Кондратьев «Сахаэнерго» генеральнай дириэктэринэн ананна

Share

«Якутскэнерго» ПАУо иһинэн киирэр «Сахаэнерго» хампаанньа генеральнай дириэктэринэн Петр Кондратьев ананна. Бу туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Петр Кондратьев энергосистиэмэ салаатыгар үлэтин 2003  сыллаахха Киин электрическэй ситимнэргэ  электромонтерунан саҕалаабыт.  2006 сыллаахха Суһал-диспетчерскэй сулууспа диспетчеригэр көһөрбүттэр. 2007 сыллаахха туһааннаах сулууспа начаалынньыгын солбуйааччытынан, оттон   2008 сылтан начаалынньыгынан анаммыт.

2011 сыллаахха  Петр Кондратьев  Киин электрическэй ситимнэргэ  кылаабынай инженеринэн анаммыт.

2016  сыл бэс ыйын 5 күнүттэн «Сахаэнерго» АУо дириэктэрдэрин сэбиэтин быһаарыытынан,  хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччытынан-кылаабынай инженерэ буолбут.

Петр Кондратьев 1981 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүт. Москватааҕы хайа судаарыстыбаннай университетын «Электроснабжение горного производства» диэн салаатын бүтэрбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago