Петр Лукачевскай: “Ойуулук нөҥүө Арассыыйа норуоттарын туһунан оҕолорго кэпсиэхпит”

Share

Петр Лукачевскай — олоххо олус көхтөөх сыһыаннаах, араас бырайыактарга көҕүлүүр эдэр киһи. Билигин кини “Типпи уонна Зиппи” диэн ойуулук сэрийээли  олоххо киллэрэ сатыыр. Петр Лукачевскай этэринэн, бу ойуулук оҥоһуута хас даҕаны сыаллаах:

Типпи уонна Зиппи биһиги эрдэ оҥорбут оҕолорго аналлаах сүүрүүгэ угуйар сыһыарыыбыт сүрүн дьоруойдарынан буолаллар. “Тамагочи” үлэтигэр майгынныыр функциялаах сыһыарыыбыт оҕолору чөл олоххо угуйар аналлаах. Билигин оҕолор уойуулара — аан дойду үрдүнэн турбут улахан кыһалҕа. Оҕо төлөпүөҥҥэ киирэн, наар сытан, олорон тахсар диибит. Биһиги оҕо төлөпүөнү туттарын хааччахтаабакка, төттөрүтүн хамсыырга, сүүрэргэ көмөлөһөөччү оҥоро сатыыбыт. Онон анимационнай сэрийээл нөҥүө оҕолору сыһыарыыбытыгар чугаһатар былааннаахпыт.

Ону таһынан, “Типпи уонна Зиппи” сүрүн ис хоһооно норуоттар икки ардыларыгар өйдөһүү, доҕордоһуу баар буоларын туһугар үлэлиир. Арассыыйаҕа сүүһүнэн норуот олорор. Кинилэр туох уратылаахтарын, ханнык сиргэ олороллорун, тугунан дьарыктаналларын кыра эрдэхтэн билэ улааппыт оҕо өстөһүүнү күөртээһиҥҥэ киирэн биэрбэт буола улаатыа диэн эрэллээхпин.

Ойуулук бырайыага саҥа саҕалааһын түһүмэҕэр турар. Бырайыак ааптардара сценарий сакаастаһан суруттарбыттар, презентация бэлэмнээбиттэр, туораттан үбүлээһин көрдүү сылдьалар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

7 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

54 минуты ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

2 часа ago