Петр Максимов: “Урбаанньыттары өйөөһүҥҥэ Ил Дархан, бырабыыталыстыба көмөтө улахан”
Аҕыйах хонуктааҕыта эрэдээксийэҕэ Бүлүү улууһун саҥа саҕалааччы урбаанньыта кэлэ сылдьан, былырыын бэйэ дьыалатын тэринэригэр “СӨ Урбааны сайыннарыы пуондата” МКХ кыра бырыһыаҥҥа иэс харчы ылан, дьоҕус биисинэһин сүһүөҕэр туруоран эрэрин туһунан кэпсээн ааспыта. Тыый, туох абыраллаах пуондатай диэн улаханнык сэҥээрэн, бу күннэргэ “СӨ Урбааны сайыннарыы пуондата” микрокирэдьиитинэй хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Петр Максимовы кытары көрсөн кэпсэттибит.
Бэйэ дьарыктаахтарга бырыһыан кыра
– Петр Федорович, билигин урбаанньыт эрэ барыта улахан суумалаах кирэдьиити баантан ылар кыаҕа суоҕун ааһан, аны бырыһыана улахан бэрт дии. Урбаанньыттарга эһиги пуондаҕыт улахан күүс-көмө, өйөбүл буоларын билэбин. Пуонда үлэтин хайысхатын туһунан хаһыат ааҕааччыларыгар сырдатаргыт буоллар.
– Күн бүгүн биһиги үс хайысханы тутуһан үлэлии олоробут. Бастатан туран, 5 мөл. солк. диэри сойуомнары биэрэбит. Былырыыҥҥа диэри биэс сыл болдьохтоон биэрэ олорбуппут. Быйыл федеральнай министиэристибэлэр хааччахтааһын киллэрэннэр, болдьохпут үс сылга диэри кыччаата. Бырыһыана урбаанньыт чопчу тугунан дьарыктанарыттан тутулуктаах. Холобур,
4 %-тан саҕалаан 12%-ҥа диэри.
– Саамай кыра бырыһыаннаах кирэдьиити кимнээх ылыахтарын сөбүй?
– Бэйэ дьарыктаахтар, ол эбэтэр самозанятайдар
4% уонна Арктикаҕа регистрацияламмыт урбаанньыттар, туризмынан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыттар, оҥорон таһаарааччылар 6% ылыахтарын сөп. Атыынан-эргиэнинэн дьарыктанааччылар 10%. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ кыра бырыһыаннаах сойуом ылан туһаныахтарын сөп. Маны таһынан, солуок биэрбиттэргэ бырыһыан кыччыыр.
– Бүгүҥҥү туругунан төһө суумалаах сойуом биэрэн олороҕут?
– Уопсайа 1 млрд 600 мөл. солк. суумаҕа кирэдьиит бэриллэн, 1122 урбаанньыт биһиги өҥөбүтүнэн туһанар.
Тэрилтэбит сүрүн офиһа Дьокуускай куоракка баар. Ону таһынан, “Мой бизнес” тэрилтэни кытары агентскай дуогабардаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ отучча улууһугар офистардаах “Мой бизнес” консультаннара биһиги оҥорор өҥөлөрбүт туһунан кэпсииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр, докумуоннары хомуйаллар. Онон, урбаанньыт Арктикаҕа да буоллун, Сунтаарга да буоллун, “Мой бизнес” кииҥҥэ кэлэн сүбэлэттэрэн-амалаттаран, докумуон туттаран баран, биһигиттэн сөбүлэҥ ылан, кыра бырыһыаҥҥа Дьокуускайга кэлбэккэ эрэ кирэдьиит ылар кыахтаах.
Докумуоннары хомуйуу, “Мой бизнес” көмөтө
– Холобур, мин бэйэ дьарыктаах буоллахпына, эһиги пуондаҕыт нөҥүө иэс харчы ылаары гыннахпына, ханнык докумуоннар ирдэниллэллэрий?
– Бэйэ дьарыктаах киһиэхэ ирдэниллэр докумуон аҕыйах. СНИЛС, ИНН, пааспарын куоппуйатын, реквизиттэрин аҕалыахтаах уонна “Мой налог” диэн сыһыарыыны хачайдаан регистрацияланыахтаах. Кылаабынайа, тугунан дьарыктанарын туһунан бырайыак суруйан аҕалар, ол эбэтэр ТЭО (технико-экономическое обоснование). Холобур, төһө эрэ суумаҕа иистэнэр массыына атыылаһан, сакаас ылан, хас эрэ ыйынан дохуот аахсан барыахтааҕын барытын суоттаан суруйуохтаах.
Оттон биирдэм урбаанньыттар нолуогабай сулууспаттан, баантан ыспыраапка аҕалаллар. Биһиги кинилэр докумуоннарын, тугунан дьарыктаналларын аһаҕас саайтартан көрөбүт. Аны солуок оҥорор буоллахтарына, массыыналарын, дьиэлэрин, сирдэрин докумуонун аҕалаллар. Үгүс өттүгэр саамай ыарырҕатар докумуоннара – ТЭО суруйуута буолар. Бырайыактарын дохуотун, ороскуотун барытын табылыыссаҕа суоттаан таһаарыахтаахтар. Билигин бу бырайыактарын оҥорууга улуустарга баар “Мой бизнес” киин үлэһиттэрэ тэҥҥэ олорсон эрэ ааҕан-суоттаан, оҥорон биэрэллэр. Бу барыта босхо оҥоһуллар. Дьэ бу өҥөнөн туһанан элбэх урбаанньыт биһигиттэн харчы иэс ылары ситиспиттэрэ. Маны таһынан кэлиҥҥи сылларга улуустарга “Бизнес-инкубатордар” урбаанньыттарга көмөлөһөр буолан эрэллэр. Урбаан – улуус сайдыыта диэн үгүс улуус, нэһилиэк баһылыктара өйдөөннөр, “Бизнес-инкубатордарын” күүскэ хамсаталлар. Урбаан сайыннаҕына олох сайдар. Аһыыр аспытын, таҥнар таҥаспытын барытын урбаанньыттар хааччыйаллар. Итиэннэ үлэ миэстэтин таһаараллар.
Биһиги өҥөбүтүнэн туһанар урбаанньыттар 60 % улуус олохтоохторо буоллулар. Икки аҥаар сыл анараа өттүгэр 60 % куораттар этилэр. Биһиги икки хас сылтан бэттэх улуустары кэрийэн үлэбитин-хамнаспытын кэпсээн, кырдьык, тыа сирин урбаанньыттара пуонда өҥөтүнэн туһаныылара элбээтэ диэн этиэххэ наада.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба өйөбүлэ
– Хайысхаларынан ылан көрдөххө, урбаанньыттар ханнык хайысхаҕа ордук кирэдьиит ылалларый?
– Ордук элбэхтик өҥөнү оҥорооччулар кирэдьиит ылаллар. Тиэйии-таһыы, тырааныспар, бытовой өҥөнү оҥоруу салаалара. Холобур, бүтэһик сыл аҥаарын ылан көрдөхпүтүнэ, 40-45% өҥөнү оҥорор урбаанньыттар ылбыттар. Онтон атыы-эргиэн, тыа хаһаайыстыбата, оҥорон таһаарааччылар кэлэллэр. Холобур, 2022 сыл түмүгүнэн, атыы-эргиэн ордук улахан өлүүнү ылбыта. Ол тоҕо диир буоллахха, биһиги былырыын өрөспүүбүлүкэ саппаас (резервнэй) пуондатыттан 519 мөл. солк. ылан турабыт. Ити Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар, сааҥсыйалар олохтоноотторун кытары олохтоох биисинэспитин, атыыны-эргиэни өйүөххэ диэн эппитэ. Ону сорохтор туорайдаһар курдуктара, бу оннугар оҥорон таһаарааччылары өйүөххэ дииллэрэ. Айсен Сергеевич кэмигэр сөптөөх быһаарыныы ылан, атыы-эргиэн салаатын өйүүргэ эппитэ. Онон ити ыыппыт харчыларыттан 300 мөл. атыы-эргиэн салаатыгар биэрбиппит. Инньэ гынан, бары кэриэтэ улуустар урбаанньыттары харчыны кэмигэр ылбыттара. Ол көдьүүһэ – Саха сиригэр сыана үрдээһинэ Уһук Илиҥҥэ саамай кыра этэ.
Иккис хайысха – бааҥҥа мэктиэлээһин
– Петр Федорович, ити биир хайысханы кэпсээтиҥ, үлэҕит иккис хайысхата тугуй?
– Иккис хайысхабыт диэн мэктиэни биэрээһин, нууччалыы эттэххэ, поручительство. Ол аата урбаанньыттар пуондаттан улаатан, баантан улахан сууманы кирэдьиит көрдүүллэригэр биһиги мэктиэ биэрэбит. 5, 10, 50 мөл. солк. кирэдьиит ылаары сайаапка түһэрдэхтэринэ, бааннар солуок көрдүүллэр. Урбаанньыттар кыбартыыраларыттан, дьиэлэриттэн ураты атын солуоктара суох, онон маннык түгэҥҥэ биһиги мэктиэ буолабыт. Холобур, икки сылы ылан көрдөххө, биһиги мэктиэни биэриигэ көрдөрүүбүт улаатан иһэр. 2020 сыллаахха 400 мөл. солк. мэктиэ биэрбит буоллахпытына, 2022 сыл түмүгүнэн 900 мөл. солк. Онон 192 урбаанньыт
2 млрд 232 мөл. харчыны баантан кирэдьиит ыллылар. Бу сыл бастакы аҥаарыгар 700 мөл. солк. курдугу мэктиэлээтибит,
2 млрд 100 мөл. солк. кирэдьиит ыллылар. Өссө сыл бүтэрэ хас да ый хаалла, онон бу суума да улаатар чинчилээх.
Урбаанньыттар өйөбүл маннык миэрэтэ баарын дьэ билэн эрэллэр.
Дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыы корпорацията диэн федеральнай тэрилтэ эрэгийиэннэргэ баар мэктиэ биэрэр тэрилтэлэргэ рейтинг оҥорор. 2020 сыллааҕы түмүгүнэн биһиги 87-с миэстэҕэ сылдьыбыппыт. 2021 сылга 51, 2022 сылга номнуо 17 миэстэҕэ таҕыстыбыт. Бу биһиги түмсүүлээх хамаандабыт ситиһиилээх үлэтин түмүгэ буолар. Бааннары кытары биир тыл булан үлэлиэххэ наада. Ааһан эрэ сыл түмүгүнэн көрдөрүүбүтүн өссө тупсарыахпыт диэн эрэллээхпит. Кыах баар, бааннар да, урбаанньыттар да интэриэстэрэ күүһүрэн иһэр.
Үһүс хайысха – бырамыысыланнаһы сайыннарыы
– Аҕыйах сылтан бэттэх, аны эһиги үлэҕитигэр өссө үһүс хайысха сүктэриллибитэ. Бырамыысыланнаһы сайыннарыы пуондата…
— Оннук. Үһүс хайысхабыт – бырамыысыланнаһы сайыннарыы пуондата. 2021 сыллаахха Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ бырамыысыланнаһын, атыыга-эргиэҥҥи миниистирэ Денис Мантуровы кытары туһааннаах пуонданы тэрийиэххэ диэн сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэҕэ Урбааны сайыннарыы пуондата бүтэһик сылларга атаҕар туран, таһаарыылаахтык үлэлиирин туһунан кэпсээн, биһиги тэрилтэбит иһинэн бырамыысыланнаһы сайыннарыы пуондатын киллэриэххэ диэн этии киллэрбитэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн Ил Дархан, бырабыыталыстыба күүскэ үлэлээннэр, 273 мөл. солк. федеральнай харчыны ылары ситиспиттэрэ. Чопчу бу оҥорон таһаарар бырамыысыланнаһы сайыннарыыга: көмүһүнэн, маһынан уһанан оҥорууга, чэпчэки бырамыысыланнаска. Быйыл эбии 142 мөл. солк. ыллыбыт. Биһиги онон улахан суумаҕа – биэс мөлүйүөнтэн үөһээ сойуом биэрэр буоллубут. Ставката баара-суоҕа 1-3%.
Бырамыысыланнаска бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэттэн өссө 50 мөл.солк. ыллыбыт. Бу харчыны эргииргэ (оборот) анаан биэриэхпит. Сайаапкалар номнуо киирэн эрэллэр.
– Петр Федорович, үс хайысханан үлэлээн, урбаанньыттарга, бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччыларга киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар эбиккит. Үөһээ этэн аһарбыппыт курдук, урбаанньыттар үпкэ-харчыга ыктардахтарына, саҥа суолу тутуһан үлэлииллэригэр ылбычча хантан да көмөнү ылар кыахтара суох.
– Биһиги хас биирдии хайысхабытыгар өрөспүүбүлүкэттэн сүрдээх улахан көмөнү ыла олоробут. Ол туһунан хайаан да этиэххэ наада дии саныыбын. Итинник көмө, өйөбүл суох буоллаҕына, биһиги урбаанньыттары хайдах да гынан кыайан өйүүр кыахпыт суох. Биһиги пуондабыт саҥа саҕалааччы урбаанньыттарга күүс-көмө, өйөбүл буолар. Үпкэ-харчыга ыктардахтарына, үлэлэрин саҥа саҕалыылларыгар биһигиттэн харчы иэс ылаллар, баантан кирэдьиит ылалларыгар кинилэргэ мэктиэ буолабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: