Петр Пестряков: “Дойдуга эһиил дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто ууруллуоҕа”
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарда уонна суруналыыстар, дойдубут олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Судаарыстыба баһылыга кэлэр сыл дойдуга Дьиэ кэргэн сыла буоларын эрдэ биллэрбитэ. Маннык быһаарыы дьиэ кэргэни харыстыыр эйгэҕэ судаарыстыба бэлиитикэтин киэҥник тарҕатыыга уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын үгэстэрин чөл хаалларар туһугар ылыныллыбыта.
Владимир Путин быһа эпииргэ этиитинэн элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга Петр Пестряков санаатын үллэһиннэ. Санатан эттэххэ, дьиэ кэргэн институтун уонна оҕону иитиини бөҕөргөтүүгэ үтүөлэрин иһин, Петр уонна Людмила Пестряковтар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан “Төрөппүт албан аата” уордьанынан наҕараадаламмыттара. Кинилэр сэттэ кыыс оҕолоохтор уонна үс сиэннээхтэр.
“Эһиил дойдуга дьиэ кэргэни уонна дьиэ кэргэн уопсастыбаннай суолтатын үрдэтиигэ ураты болҕомто ууруллуоҕа”, — диэн улахан, иллээх ыал аҕа баһылыга Петр Пестряков бэлиэтээн этэр.
Пестряковтар судаарыстыба баһылыгыттан үрдүк наҕарааданы былырыын Оҕо көмүскэлин күнүн иннинэ туппуттара. Видеонан сибээһинэн көрсүһүүгэ кинилэр Владимир Путины бэс ыйын бүтүүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар ыһыахха ыҥырбыттара.
Пестряковтар 1993 сыллаахха Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр ыал буолбуттара, кэлин Дьокуускайга көспүттэрэ. Отучча сыл устата сэттэ кыыс оҕолоннулар, номнуо үс сиэн кыыс улаатан эрэр. Ыал аҕата Петр Пестряков баһаарынай чаас начаалынньыгынан үлэлиир. Саха сирин аҕаларын лигатын үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар.
Людмила Пестрякова – тапталлаах кэргэн, кыһамньылаах ийэ, эбэ. Кини илиинэн оҥоһуктарынан дьарыктанар, бэйэтин уопутун кыргыттарыгар, сиэннэригэр тиэрдэр.
“Демография” национальнай бырайыак соругунан оҕолоох ыалы өйөөһүн, доруобай олоҕу уһатыыны үрдэтии, нэһилиэнньэ өлүүтүн аччатыы, чөл олох култууратын олохсутуу буолар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара 2019 сылтан олоххо киирбиттэрэ. Бу кэм устата Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ көрүллэр үп кээмэйэ түөрт төгүл эбилиннэ, 2023 сылга 23 млрд. солк. тэҥнэстэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ оҕо төрөөһүнүнэн Федерация субъектарын кэккэлэригэр лидер, оттон олох олоруу орто кээмэйинэн аан бастакытын Арассыыйа орто кээмэйиттэн үрдэттэ итиэннэ 73,5 сааска тиэртэ. Эдэр ыалы өйүүр кэккэ миэрэлэр, ол иһигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак баар буолан, 2023 сыл бэс ыйыгар Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөл. таҕыста.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: