Петр Попов: «Кэлэр биэс сылга туруоруллубут кэскиллээх былааннары толорорго, сыалы-соругу ситиһэргэ үлэлиэхпит»
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн иккис пленарнай мунньаҕар СӨ экэниэмикэтин миниистирин дуоһунаһыгар Петр Попову анааһыҥҥа дьокутааттар сөбүлэҥнэрин биэрдилэр. Петр Попов миниистир быһыытынан үлэтин былаанын кэпсээтэ:
— Биллэн турар, Ил Дархан Айсен Николаев кэлэр биэс сылга туруорбут кэскиллээх былааннары, сыалы-соругу ситиһэргэ үлэлиэхпит. Олортон дьадайыыны утары ылыллыбыт дьаһаллар ураты суолталаахтар. Бу сыаллары-соруктары бары министиэристибэлэри кытары бииргэ үлэлээммит ситиһэргэ бэлэммит.
Оттон Экэниэмикэ министиэристибэтин сүрүн соругунан, сөптөөх экэнэмиичэскэй бэлиитикэни ыытыы, инвестицияны сүрүннээһин буолар. Итиннэ үлэ күүскэ барыаҕа, ол эрээри ханнык эрэ биир хайысханы уһулуччу тутар сыыһа буолуо, онон бары салааны тэҥинэн сайыннаран, үлэни ыытыы көдьүүстээх буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: