Петр Сергеев: Олоххо көрүүм уларыйбыта…
Бүгүн билиһиннэрэр киһим икки оҕолоох ыал аҕата, Анаабыр улууһун Сааскылааҕыттан төрүттээх Петр Сергеев буолар. Кини байыаннай дьайыыга бэбиэскэ тутан былырыын күһүн балаҕан ыйыгар сулууспалыы барбыта. Петр төһө да бу күннэргэ байыаннай дьайыыга бараары тэринэ сылдьар, бириэмэтэ ыгым да буоллар, сөбүлэһэн, быыс булан көрсөн кэпсэттибит.
– Анаабыр улууһуттан төрүттээхпин. Сааскылаахха төрөөбүтүм, оскуоланы бүтэрбитим. Аҕам Иван Петрович Сергеев Чурапчы улууһуттан, оттон ийэм Анна Афанасьевна Анаабыртан төрүттээх. Алын сүһүөх кылаастан тохсуһу бүтэриэхпэр диэри төрөппүттэрбин кытта Мииринэй оройуонун Удачнай бөһүөлэгэр олорбуппут. Оскуоланы Сааскылаахха кэлэн бүтэрбитим. Үөрэххэ туттарсыбакка, тута аармыйаҕа барбытым. Приморскай кыраай мотострелковай батальонугар сулууспалаабытым. Аармыйаттан кэлэн баран идэ ылар кыра кууруска үөрэнэн баран «АЛРОСА» хампаанньаҕа киирэн Удачнайга шахтаҕа взрывнигынан уонча сыл үлэлээбитим.
Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Эдьиийдээх этим, 33 эрэ сааһыгар коронавирус дьаҥыттан ыалдьан олохтон туораабыта, оҕотун ийэлээх аҕам бэйэлэрин аннынан суруйтарбыттара. Билигин ийэбин кытта Дьокуускайга олорор, оттон аҕам Удачнайга үлэлиир. 2014 cыллаахха ыал буолбутум. Кэргэним эмиэ Анаабыр улууһуттан төрүттээх. Икки оҕолоохпут. Улахаммыт бастакы кылааска үөрэнэр. Кырабыт алтатын саҥа туолбута. Ыал буолан, оҕолонон баран былырыын Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Баахтаҕа салгыы үлэлии бараары сырыттахпына, байыаннай дьайыыга ыҥырыы бэбиэскэтэ кэлбитэ.
Бастаан бөлөх этибит, кэлин рота буолбуппут
– Былырыын бэбиэскэ тутан баран балаҕан ыйыгар Дьокуускайтан үһүө, ону сэргэ улуустартан кэлбит элбэх уол буолан барбыппыт. Бары хомуллан мантан Приморскай кыраай Сергеевкэ байыаннай чааһыгар тиийбиппит. Онно сүүмэрдээһини ааһан баран, тута Доннааҕы Ростов куоракка көппүппүт. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр номнуо Украина сиригэр тиийбиппит. Бастаан онуо буолан тиийбит буоламмыт, бөлөх быһыытынан сылдьыбыппыт. Тиийээппитин кытта ойуурга (лесополоса) киллэрэн позицияны тутарга сорудахтаабыттара. Мантан тиийиибитигэр биһигини сахалар көрсүбүттэрэ. Онно үс олус уопуттаах, эрдэ Чечня сэриитигэр сылдьыбыт уолаттар бааллара. Кинилэр биһигини элбэххэ үөрэппиттэрэ. Ас-үөл, олох-дьаһах туһунан этэр буоллахха, барыта баар. Байыаннай дьайыыга барарбытыгар таҥаспытын-саппытын, туттар сэби-сэбиргэли барытын байыаннай чааска биэрбиттэрэ. Ол бастаан бөлөх буолан тиийбит дьон кэлин бүтүн рота буолан тахсыбыппыт. Ити курдук олус соһуччу олоҕум былаана уларыйан хаалбыта. Бу муус устар 23 күнүгэр уоппускаҕа кэлбитим, билиэппитин бэйэбит уйунабыт. Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ көмөлөһөн хата, чэпчэтиилээх билиэккэ түбэһэн 20 тыһыынча солкуобайга кэлбитим.
Дойду ахтылҕана
– Уоппускам кэмигэр Дьокуускайга баар кииҥҥэ дрон көтүтэргэ, граната быраҕарга эҥин эбии үөрэннибит. Бастаан утаа Украина сиригэр тиийиибитигэр, арай биһиги дойдубутуттан сылааһа үчүгэй курдук этэ, тоҥмокко-хаппакка сылдьыахпыт диэн испитигэр кэм үөрэ санаабыппыт. Ол эрээри, кыһыннары ардыыр буолан сииктээх, килиимэтэ ураты. Дойдубар тэҥнээтэххэ, наһаа тымныыта, улахан тыала суох, килиимэтигэр киһи үөрэнэр.
Аан бастаан байыаннай дьайыыга барарбар биир кэмнээх өрөспүүбүлүкэ көрөр 200 тыһыынча солк. көмөтө кэлбитэ. Онтон ый ахсын хамнаспыт түһэр буолбута. Бу уоппускаҕа сылдьар кэммэр доруобуйабын көрдөрүннүм, МРТ эҥин түһэн бэрэбиэркэлэнним. Аҕыйах хонугунан төннөбүн. Биһиги Донецкай уобалас дэриэбинэтигэр баазаламмыппыт. Олохтоохтор сыһыаннара үчүгэй. Биһигини хайҕыыллар. Үгүстэр Арассыыйа пааспарын оҥорторо сылдьаллар. Тиэхиньикэтэ суох сылдьарга уустуктардаах. Арай биир күн барыбытын позицияттан Новоазовскай куоракка таһаарбыттара. Саха сириттэн кэлбит дьон дойдубутугар оҥоһуллар «Сокол» диэн квадроциклы аҕалбыттар этэ. Ону сэргэ дойдубут баһыылкаларын тутан үөрбүппүт-көппүппүт. Киһи ыраах сырыттаҕына, дойдуга ахтылҕан ордук күүһүрэр. Оҕо эрдэххэ, бэйэҥ улуускун, нэһилиэккин ахтар эбит буоллаххына, атын сиргэ-уокка сылдьан киһи биир мөлүк Сахатын сирин ахтар эбит.
Оҕолорум сайыһаллара буолуо…
– Уоппускам кэмин дьиэ кэргэммин кытта атаардым. Оҕолорбун кытта алтыстым. Биһиги дьиэ кэргэммит үтүө үгэһэ диэн айылҕаҕа сынньаныы буолар. Оруобуна халлаан сылыйбыт кэмигэр кэлэммин айылҕаҕа да тахса сырыттыбыт, сэргэхсийдибит. Кыыһым мин байыаннай дьайыыга барбыппын бастаан утаа билбэт этэ, уйулҕатын хамсатымаары ийэтэ кистээбит этэ. «Папа ханна баарый?» диэн ыйыттаҕына, ыраах үлэлии сылдьар диирэ үһү. Онтон оҕом хайдах эрэ сэрэйбит уонна ийэтиттэн ыйыппыт этэ. Хайыахпытый, сааһынан төһө да кыра буоллар, ыал улахан оҕото буоллаҕа, ийэтэ холкутук кэпсээбитин ылыммыт этэ. Бу кэлэ сылдьыыбар тугу даҕаны ыйыппат, арай ыытыахтарын баҕарбаттар, сайыһаллара буолуо…
Урукку өттүгэр маннык соһуччу эрэ барыам диэн түһээн даҕаны баттаппакка сылдьыбыт буоламмын, бастаан утаа саҕаланыытыгар ураты дьикти этэ. Ол эрээри, киһи туохха барытыгар үөрэнэр эбит. Арай олоххо көрүүм, сыанабылым уларыйда диэхпин сөп. Киһи хайдах эрэ төттөрүтүн олоххо тардыһара күүһүрэр, аттыгар баары сыаналыыр буолар эбит. Билигин барарбар таҥаспын-саппын барытын «Йо-Хо-Хо» маҕаһыын хааччыйда.
Этэҥҥэ байыаннай дьайыы кыайыынан түмүктэниэ диэн эрэнэбин. Эйэлээх олоххо бары этэҥҥэ эргиллиэхпит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: