Петр Тарасов: «Кэллиэгэлэрим тустарыгар үөрэ иһиттим, баҕар биһигини эмиэ өйүөхтэрэ дуу»
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр кэм технологияларын пуорумугар сылдьан миэдиктэргэ эбии төлөбүрү олохтуур туһунан быһаарыныы ылыммыта.
Бу туһунан Таатта улууһугар сэллиги эмтиир диспансер сэбиэдиссэйэ Петр Тарасов санаатын үллэстэр:
— Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тыа сиригэр үлэлиир-хамсыыр быраастары, мэдиссиинэ үлэһиттэрин өйүүр туһунан быһаарыытын кэллиэгэлэрим тустарыгар үөрэ иһиттим. Арай биһиэхэ, Саха сиригэр, сэллиги эмтиир мэдиссиинэ үлэһиттэригэр маннык төлөбүр көрүллүбэт. Уопсайынан, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр болҕомто ууран эбии төлөбүр көрөллөрө олус туһалаах дии саныыбын. Баҕар, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ биһиги курдук улуустарга үлэлиир фтизиатрия үлэһиттэригэр эмиэ маннык төлөбүрү көрүө дуу диэн саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: