Салгыы
Петр Уранаев: «Федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ баһаары утары үлэҕэ эбии күүһү-кыаҕы биэриэ»

Петр Уранаев: «Федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ баһаары утары үлэҕэ эбии күүһү-кыаҕы биэриэ»

02.07.2024, 08:45
Бөлөххө киир:

Таатта улууһунааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ Петр Уранаев от ыйын 1 күнүгэр олохтоммут федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майны эрэсиимэ Саха сиригэр тахсыбыт баһаардары суох оҥорорго кыаҕы биэриэҕэ диэн санаатын үллэстэр:

— Саха сиригэр 100-н тахса баһаар баар. Кураан уонна этиҥ ойуур баһаара тахсарыгар сабыдыаллыыр. Тыһыынчанан гаалаах тыа, ойуур умайар. Таатта улууһугар биир ойуур баһаара туран, ону умуруоруу үлэлэрэ бараллар. От ыйын 1 күнүгэр Саха сиригэр федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ баһаары утары үлэҕэ эбии күүһү-кыаҕы биэриэ. Ойуур баһаардарын умуруорууга суһал, сөптөөх быһарыныы ылынылынна дии саныыбын.

Хаартыска П.Уранаев тиксэриитэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 июля
  • 14°C
  • Ощущается: 13°Влажность: 54% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: