Салгыы
Петр Васильев: «Мэйигим дьоно-сэргэтэ араҥаччылыыр курдуктар»

Петр Васильев: «Мэйигим дьоно-сэргэтэ араҥаччылыыр курдуктар»

03.11.2024, 15:35
Хаартыска П.Васильев тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыы саҕаламмыта быйыл үһүс сылыгар баран эрэр. Саха сириттэн хорсун-хоодуот уолаттарбыт Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүү сылдьаллар. Кинилэр ортолоругар мобилизация бастакы дьалхааныгар түбэһэн барбыттар да, кэлин бэйэлэрин баҕаларынан да барбыттар элбэхтэр. Бүгүн мин байыаннай дьайыы саҕаланаатын кытта мобилизациянан барбыт биир дойдулаахпын Петр Васильевы кытары кэпсэтиибин таһаарыам.

Дьиэ кэргэн — олох төрдө

Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Аҕам Василий Петрович Васильев, ийэм Олимпиада Захаровна Борисова. Аҕабыт аҕыйах саҥалаах киһи этэ, тырахтарыыстыыра, оттон ийэбит интэринээккэ асчыт этэ. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит, билигин алтыа буолан хааллыбыт. Аҕабыт эрдэ өлөн, ийэбит аҕыс оҕону бэйэтэ иитэн, киһи-хара гыммыта, атахпытыгар туруорбута. Ийэбит сымнаҕас, элэккэй майгылаах этэ, кини биһигини ханнык даҕаны үлэттэн толлон турбат буоларга кырабытыттан үлэнэн ииппитэ. Бары сокуоннай сааспытын туолаат, ким үөрэххэ, ким үлэлии алаһа дьиэбититтэн барбыппыт. Этэҥҥэ бары ыал буолан, дьиэ-уот туттан, дьон сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Оҕо сааспыттан биир ытыктыыр, олохпор улаханнык көмөлөспүт, иккис ийэм курдук саныыр киһибинэн учууталым Тамара Ивановна Яковлева буолар. Олус истиҥ, мааны майгылаах, амарах дууһалаах учуутал этэ.

1994 с. аармыйаҕа ыҥырыллыбытым, тиийбиппит биэс ый буолаатын кытта 1995 с. үүммүтүгэр Чечняҕа ыыппыттара. Инньэ гынан, биир сыл үс ый онно сэриилэспитим. 1996 с. сулууспам бүтэн дойдубар кэлбитим. Ол кэннэ лиссиэйгэ икки сыл үөрэнэн тиэхиньик-мэхээнньик идэтин ылбытым. Үөрэнэ сылдьан, ыал буолан Дьааҥыга кэргэним дойдутугар көһөн тиийэн олоро сылдьыбыппыт. Кэргэним Дьааҥы улууһун Остуолба нэһилиэгиттэн төрүттээх. Билигин Дьокуускайга олоробут, икки уол оҕолоохпун.

2000 сылларга улахан убайдарым Аликтаах Дьулустаан Мииринэйгэ бырамыысыланнаска үлэлииллэр этэ, онон миигин үлэлии кэл диэннэр, онно тиийбитим. Инньэ гынан, Мииринэйгэ бастаан 3 разрядтаах газоэлектро-сыбаарсыгынан үлэлээбитим, ол кэннэ 6 разрядка диэри тахсыбытым. Уопсайа 20 сыл бырамыысыланнаска үлэлээн баран, Дьокуускайга кэлэн «Почта России» тэрилтэҕэ киирбитим.

Оруобуна сибээс хабар сиригэр кэлээппитин кытта тааҥканан ытыалаатылар. Биһиги онно-манна төттөрү-таары сүүрэкэлэһии буоллубут. Мин, дьиҥэ, окуопабар төттөрү сүүрэн испитим, Исак ойуур диэки ыстаммыта.

Сахалар тутуһан сылдьабыт

Байыаннай дьайыыга бастакы мобилизацияҕа хабыллан балаҕан ыйыгар барбытым. Бастаан Хабаровскайга тиийбиппит, бары сахалар этибит. Ол тиийэн дьэ билбитим, сахалар уустук-ыарахан кэмнэргэ түмсэр, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөр кыахтаах эбиппит диэн. Наада буоллаҕына, улуустаспакка сомоҕолоһор эбиппит диэн итэҕэйбитим уонна билигин бары бииргэ тутуһан бэркэ сылдьабыт.

Ол кэмтэн ыла бииргэ барбыт уолаттарбын кытта биир иһиттэн аһаан, биир окуопаҕа сытан, этэҥҥэ өйөһөн сылдьабыт, доҕотторум бары араас улуустар. Бастаан «наводчик» этим, онтон сыл курдугунан отделение хамандыыра буолбутум.

Бииргэ төрөөбүт убайым Ньургун эмиэ байыаннай дьайыыга кыттыбыта. Билигин Дьокуускайга баар, үлэлии сылдьар. Аны онно кини туһуттан долгуйан сүгүн да сылдьыллыбат кэмнэр баар этилэр, наар ону саныы сылдьарым. Бэйэбиттэн буолбакка, убайбыттан улаханнык долгуйарым. Хата сыл аҥаара сылдьыбытын кэннэ, ол кэмҥэ 50‑тан үөһээ саастаахтары төттөрү ыытабыт диэн бирикээс тахсан төннүбүтэ. Онно тута тугу эрэ сүгэ сылдьыбытым түспүтүн курдук санаам чэпчээбитиин.

Инники кирбиигэ

Инники кирбиигэ киирбит бастакы күммүтүн бу баар курдук өйдүүбүн. Арай биир күн Исак диэн Өлүөхүмэ уолун кытары окуопаттан тахсан дьоммутун кытары кэпсэтээри, сибээс ханна хабарын көрдүү бардыбыт. Оруобуна сибээс хабар сиригэр кэлээппитин кытта тааҥканан ытыалаатылар. Биһиги онно-манна төттөрү-таары сүүрэкэлэһии буоллубут. Мин, дьиҥэ, окуопабар төттөрү сүүрэн испитим, Исак ойуур диэки ыстаммыта. Ол сүүрэн истэхпинэ тааҥка ыппыта уонча миэтэрэҕэ эстибитэ, өллүм быһыылаах диэн, кыл түгэнэ олохпун барытын харахпар көрөн аһарбытым. Дьэ онно кутум-сүрүм көтө сыспыта, билигин санаатахха, оччолорго ыарахан этэ. Уолум миигин өллө дии санаабыт этэ, сүүрэн иһэрбин көрөн олус да үөрбүтэ. Билигин даҕаны ол бастакы түгэммитин саныы-саныы күлсэбит. Ол кэннэ өлүү айаҕын өҥөйүү түгэннэрэ баар бөҕө буоллаҕа.

Бар дьонум көмөтө

«Мэйик» диэн позывнойу төрөөбүт дойдум-дьонум араҥаччылыы-арчылыы сырыттыннар диэн ылыммытым. Мэйигим дьоно миэхэ мэлдьи көмөлөһө тураллар, алаадьытыгар тиийэ буһаран ыыталлар. Хайдах эрэ дойдум, сирим-уотум, дьонум-сэргэм араҥаччылыы сылдьар курдуктар, онон кутум-сүрүм бөҕөх. Бииргэ үөрэммит оҕолорум мэлдьи көмөлөһөллөр, уоппускабар кэллэхпинэ көрсүһэллэр. Кылааһым кыргыттара бары тэрийэр дьоҕурдаахтар, олоххо көхтөөхтөр. Сааһыран истэхпит аайы бары бииргэ төрөөбүт оҕолор курдук буолан иһэбит. Дойдум дьоно эмиэ олус истиҥник көрсөллөр, онтон үөрэбин, долгуйабын, махтанабын.

Эдэр ыччакка этиим

20‑лээх уолаттар байыаннай дьайыыга хантараак баттаһан тиийэллэр. Бу уолаттар ыал да буолбакка, оҕо төрөппөккө, олоҕу ситэ олорбокко сылдьан уот ааныгар киирэллэр. Өлүү да, сүтүү да элбэх, үгүстэр уһуну-киэҥи толкуйдаабакка кэлэллэр. Ол иһин эдэр оҕо хантараак баттаан кэллэҕинэ, этэн-мөҕөн көрөбүн. Кинилэри харыстыы сатыыбыт. Ол эрээри сэриилэһиэхпитин баҕарабыт диэннэр, хантараак баттатаһан кэлэ тураллар. Саха омугун ууһатыахтаах, тэнитиэхтээх бу эдэркээн оҕолор барбаттара ордук этэ, дьиҥэ. Бэйэҥ кэннигиттэн хаалларардаах буоллаххына, биирдэ өлүү айаҕар киирэргэ сананыахха сөп дии саныыбын. Биһиги мобилизациянан ыҥырыллан барбыттар, син кэннибитигэр биһигини салҕыыр оҕолордоох дьон буоллахпыт.

Махтаныы

Саха сириттэн элбэх көмө тиийэр. Атын эрэгийиэннэртэн сылдьар байыастар биһиэхэ ымсыыраллар, норуоккут олус түмсүүлээх эбит дииллэр. Кинилэргэ биһиэхэ курдук көмө, ас-таҥас, о. д.а. кэлбэт. Онон түгэнинэн туһанан, үлэлиир кэлэктииппэр — «Почта России» мэлдьи көмөлөһөрүн иһин махтанабын. Аны туран, волонтердар бааллар, олус улахан дьыаланы оҥоро сылдьаллар, кинилэргэ барыларыгар байыастар ааттарыттан махтанабын. Илиилэрин сылааһын иҥэрэн биһиэхэ анаан таҥас тигэр эдьиийдэрбитигэр эмиэ улахан махталбын тиэрдэбин. Уоппускаҕа кэллэхпит-бардахпыт ахсын таҥас бөҕө ылабыт, ону барытын амарах санаалаах эдьиийдэрбит, ийэлэрбит хааччыйаллар, наһаа маладьыастар.

Хаартыска П.В.Васильев тус архыыбыттан

+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: