20-с үйэ буурҕаларын тулуйбут, уот ардаҕы түөстэригэр тоһуйбут, саах сыбахтаах балаҕантан таас дьиэҕэ көһүүнү, олох уларыйыытын, улуу судаарыстыба эстиитин барытын эттэринэн-хааннарынан билбит көлүөнэ дьон кинилэр – бэтэрээннэр. Бүгүн Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээнэ, 99-с хаарын уулларбыт Петр Константинович Яковлевка ыалдьыттыыбыт.
Петр Константинович билигин улахан кыыһыгар олорор, сайын аайы даачаҕа тахсаллар. Быйыл сайын 99 сааһын туолар, билигин да көхтөөх, сэргэх, куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ буолан, уопсастыбаннай олоххо кыттыһар. Хаһыаттары ааҕар, тэлэбиисэри көрөр буолан, сонуннары истэ-билэ олорор.
Хас бээтинсэ аайы хаһыаттарын күүтэр. “Саха сирэ”, “Кыым”, “Аргументы и факты” хаһыаттары суруйтарар. Иннэҕэ сап уктаран баран, хайаан да хаһыаттарын тиһэр, ыһыллыбатын курдук, ортотунан хам тигэр. Остуолугар ууруна сылдьан ааҕар.
– Үөрэрим, астынарым диэн – дойдубут күннэтэ сайдан иһэр, улахан тутуулар тутуллаллар. Билиҥҥи салалтабыт үчүгэйдик үлэлиир дии саныыбын. Сыл аайы бэрэсидьиэн Путин, Ил Дархан эҕэрдэлэрин тутабын. Саха норуота Аҕа дойду сэриитигэр улахан дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүтэ, бойобуой уонна килбиэннээх үлэҕэ кыайыылара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэллэр. Ол туоһутунан Саха сириттэн билигин сэттэ Арассыыйа Дьоруойа баара буолар.
Атын дьонтон итэҕэһэ суох, үчүгэй олоҕу олордум, туох кыалларын оҥордум, үлэлээтим-хамсаатым диэн астына саныыбын, урукку сырыыларбыттан манньыйабын. Оҕолорум, сиэннэрим далбардарыгар олорон, үйэбин моҥоон эрэбин, – диэн кини этэр.
Петр Константинович Яковлев — Японияны утары сэрии бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанын, икки «Бочуот Знага» уордьан кавалера, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн, «Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн, И.В. Сталин Махтал суругунан наҕараадаламмыта, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Дьокуускай куорат уонна Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Кэргэнэ Ирина Николаевналыын түөрт оҕону төрөтөн, иитэн-улаатыннартаан, атахтарыгар туруорбуттара. 1937 сыллаахха Хадаҥҥа пионерскай лааҕырга сылдьан, аан бастаан билсибиттэр эбит. Кыыһы саахыматтыырга үөрэппит. “Мэник баҕайы этэ, миигин ууга түҥнэри анньа сыспыта”, – диэн кэлин Ирина Николаевна ахтара. Кини үйэтин тухары математика учууталынан үлэлээбитэ.
1957 сыллаахха ыал буолбуттара, иллээхтик-дьоллоохтук олорон, Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Кэргэнэ 2013 сыллаахха өлбүтэ. Билигин кини тоҕус сиэннээх, сэттэ хос сиэннээх дьоллоох эһээ буолар.
“Соҕотох уолум суох буолбута”, – диэн Петр Константинович хараастан ылар. Уола Георгий Яковлев – Сунтаар улууһун баһылыгынан, СӨ бэрэсидьиэнин бэрэстэбиитэлинэн, көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ, алмааһы кырыылыыр бастакы “Туймаада Даймонд” хампаанньаны тэрийэн үлэлэппитэ, тиэхиньиичэскэй билим хандьыдаата этэ. Элбэҕи оҥоруох-айыах киһи, баара-суоҕа 51 сааһыгар соһуччу олохтон туораабыта.
Улахан кыыһа Татьяна Петровна математика учууталлаабыта, кэлин экэнэмиистээбитэ. Евдокия Петровна Хоту дойду физика-тиэхиньиичэскэй кыһалҕаларын институтугар, “Туймаада Даймонд” хампаанньаҕа үлэлээбитэ. Кыралара Ирина Петровна үйэтин тухары быраастаабыта.
– Аҕабыт хойукка диэри олус тэтиэнэх этэ, дьиэтигэр бэйэтин бэйэтэ көрүнэн, соҕотох олорбута. “Бэлэмҥэ олордохпуна, эрдэ түөһэйиэм”, – диирэ. Бу “ковид” ыарыы кэнниттэн мөлтөөтө. Бу иннинэ элбэхтик сатыы хаамар, кэлэр-барар этэ. Сарсыарда аайы өр соҕус сэрээккэлиирэ, массаастанара, өйүттэн хоһоон ааҕан субурутара. Дойдутугар Тэҥкэҕэ сыл аайы баран сынньанан кэлэрэ. Төрөөбүт дойдутун олус таптыыр, дьиҥнээх патриот, үйэтин тухары хомуньуус. Сэриигэ барбыт буойуттарга мемориал туруортарбыта. Архыыпка хасыһан, “Тэҥкэлэр” диэн кинигэни суруйбута, бэйэтэ үбүлээн таһаарбыта.
Бэйэтин олоҕун туһунан да элбэҕи кэпсиир, билсибит дьоно да элбэҕэ, холобур, Сергей Звереви-Кыыл Уолун кытта биир кэмҥэ алтыһан сырыттахтара. Онон бэйэтин олоҕун туһунан кинигэни эмиэ таһаартарбыта.
Бэйэтин сааһыгар үчүгэйдик сылдьар, аһыыр, көрөрө үчүгэй, сонуннары истэ-билэ олорор. Аҕабытын олус таптыыбыт, киэн туттабыт, – диэн кыыһа Татьяна Петровна кэпсиир.
Петр Яковлев 1944 сыллаахха ыҥырыллан баран, сэриигэ алта сылы быһа сылдьыбыта. 61-с мотострелковай пуолка 61-с тааҥкабай дивизиятыгар минометчигынан сэриилэспитэ.
– Мальта ыстаансыйаҕа аҕалан баран, биһигини икки бөлөххө хайытан, биири арҕаа диэки, иккиһи Монголияҕа ыыппыттара. Биһиги Чойбалсан куоракка кэлбиппит, онно генерал-лейтенант Данилов хамандыырдаах 16-с аармыйа баара.
Биһиги минометнай батальоммутугар 120 мм минометтар бааллара. Взводу грузин М.Т. Габуния хамаандалыыра, Саха сириттэн төрдүө этибит.
Өр соҕус үөрэтэн баран, 1945 сыллаахха дивизиябытын 39-с аармыйаҕа биэрбиттэрэ. Японияны кытта сэрии биллэриллэ да илигинэ, биһигини кыраныыссаҕа туруорбуттара. Америка алдьархайдаах сэрии сэбин бэлэмниир диэн кэпсээбиттэрэ, ол атомнай буомбаны этэллэр эбит.
Солунь-Ванемяо хайысхатынан кимэн киирбиппит. Улахан Хинган хайаларын туораан, суола суох сиринэн айанныыр олус ыарахана. Минометтары тиэйэр ЗИС-5 массыыналар буксуйан сордууллара. Иннибитигэр кэлимсэ фронт суоҕа, доттар, дзоттар эрэ бааллара. Онно олорон, өстөөх ыстаал уотунан тибиирэрэ.
Тимир суол састаабыгар тобус-толору симиллэн, айаннаан иһэр дьоппуон саллааттарын кытта олус кырыктаах, өлөр-тиллэр икки ардынан кыргыһыы буолбута. Дьэ, манна кыайан, Ванемяо куоракка тиийбиппит. Бөҕөргөтүнэн, куораты көмүскүүрдүү бэлэм сыппыппыт. Балаҕан ыйыгар Япония капитуляциялаабытын туһунан истибиппит, онтон Чойбалсан куораппытыгар төннүбүппүт. Маньчжурияны босхолооһун хас биирдии кыттыылааҕар Кылаабынай командующай Иосиф Сталин Махтал суругун туттарбыттара, – диэн бэтэрээн ахтар.
Кыайыы күнүгэр саа тыаһа бөҕө сатараабытыгар, кыргыһыы буолан эрэр дии санаабыт. Сүүрэн тиийбитэ, байыастар үөрэн-көтөн, салгыҥҥа ытыалыы сылдьаллар эбит. “Оһуобай этэ, үөрүү-көтүү бөҕө”, – диэт, мичик гынан ылар.
Төһө да сэрии бүппүтүнэн ааҕылыннар, кини өссө хас да сыл сулууспалаабыта. 1950 сыллаахха дойдутугар кэлэн баран, орто оскуолаҕа ситэ үөрэниэхтээхпин диэн туруорсан, 8-с кылааска киирбитэ. Онно уонча сыл балыс оҕолордуун үөрэммитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, ол оҕолорун батыһыннаран илдьэн, Ленинградтааҕы университекка туттарсан киирэн, үөрэммиттэрэ. “Кыргыттар, уолаттар” дэһэн, билигин да бииргэ үөрэммиттэр истиҥник билсэллэр.
География учууталынан, оскуола дириэктэринэн, Сунтаардааҕы ССКП райком 2-с сэкирэтээринэн, «Элгээйи» сопхуос парткомун сэкирэтээринэн, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин инструкторынан, “Якутмелиоводстрой” тэрилтэҕэ каадыр отделын начаалынньыгынан, о.д.а. 70 сааһын ааһыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…
Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…