Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Саха сиригэр пилота суох, тепловизордаах 35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр.
Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө пилота суох аппарааттары туһаныыны сайыннарыы салҕанар. Ордук улахан болҕомто уустук суоллаах-иистээх, олохсуйбут ньыманан кэтээн көрүү харгыстаах сиригэр-уотугар ууруллар.
РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит «Пилота суох авиационнай систиэмэлэр» национальнай бырайыак иитинэн, 2025 сыллаахха СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ тепловизордаах пилота суох 35 көтөр аппарааты ылбыта.
Саҥа тэриллэр буруолаах уонна уустук суоллаах-иистээх сиргэ көдьүүстээхтик үлэлиир кыахтаахтар. Тепловизорынан ойуур баһаардарын чопчу быһаараллар. Ону таһынан ойуурга ботурууллааһыҥҥа туһаныллаллар.
Саха сиригэр пилота суох авиационнай систиэмэлэри олоххо киллэрэн туһаныы үлэтэ 2023 сылтан саҕаламмыта. Онно «БАС» ХЭУо Уус Маайаҕа уонна Томпоҕо ойуур хаһаайыстыбаларыгар пилотнай бырайыагы саҕалаабыта. 2024 сылга итинник үлэ Томпо, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын сиригэр-уотугар салҕаммыта. Пилота суох экипажтар 130-тан тахса чаас көппүттэр.
Бүгүҥҥү күн туругунан СӨ экологияҕа министиэристибэтин тэрилтэлэрин дьаһалыгар 108 пилота суох авиационнай систиэмэ баар. Итинтэн 74 — Дьокуускайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатыгар, 21 — ойууру кэтээн көрөр авиационнай баазаҕа, 12 — эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбаларыгар, 1 — ойуур харыстабылын департаменыгар.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/8275
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Арыгы организмҥа буортутун бары билэр курдукпут. Бу аһыы утах элбэх уорганы сүһүрдэриттэн чуолаан сүрэх үлэтигэр…
“Ежевика тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах. Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…
Халлаан тымныйан, биһиги курдук дьон дьиэҕэ хаайтарар кэммит кэллэ. Хаарыан өрөбүлүм таах хаалаары гынна, сырдык…
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Бүгүн кэпсэтэр байыаһым Аҕа дойду көмүскэлин ытык иэһинэн ааҕар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх “Боха” диэн позывнойдаах…
Байанай – баай хара тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кинини былыргы сахалар олус үөрүнньэҥ, кэһии…