Салгыы
Пилоттар дьүкээбили хаартыскаҕа түһэрдилэр

Пилоттар дьүкээбили хаартыскаҕа түһэрдилэр

16.09.2024, 11:30
Хаартыска: социальнай ситимтэн.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 14 күнэ үүнэр түүнүгэр «Якутия» авиахампаанньа пилоттара Алексей Дегтярев уонна Михаил Ермолаев сөмөлүөт иһиттэн дьүкээбили хаартыскаҕа түһэрдилэр.

хаартыска: социальнай ситимтэн.

Кинилэр бу кэмҥэ Санкт-Петербург куораттан Дьокуускайга диэри көтөн испиттэр. Дьокуускайга чугаһаан иһэн, халлаан бүтүннүү  суһумнуур, дьүкээбил үҥкүүлүүр кэрэ көстүүтүн көрбүттэр. Былыт үрдүттэн чугас буолан, дьүкээбил өссө үчүгэйдик көстөр эбит.

Бу бэрт сэдэх көстүү буолар. Мурманскай диэки көтөр сөмөлүөттэр пилоттара, пассажирдара биирдэ эмит көрүөхтэрин сөп. Үгүс туристар дьүкээбили көрөөрү Европа хотугу дойдуларыгар бас быстар сыанатын төлөөн туран, бараллар, кэтииллэр.

Урут дьүкээбил Саха сиригэр кыһыҥҥы кэмҥэ эрэ уонна хотугу эргимтэҕэ көстөр буоллаҕына, кэнники кэмҥэ киин улуустарга кытта сайыннары көстөр буолла. Ол иһин сөмөлүөттэн көрөр, хаартыскаҕа түһэрэр сэдэх түгэн тосхойдоҕо.

Балаҕан ыйын 12 күнэ үүнэр түүнүгэр Дьокуускай үрдүнэн эмиэ дьүкээбил суһумнаабыта. Бу Күҥҥэ эстиилэр тахсан, Сиргэ магнитнай буурҕа саҕаламмытын туоһута буолар. Онон бу күннэргэ дьүкээбил эмиэ көстүөн сөп.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: