Пионердартан – “Бастакылар хамсааһыннарыгар”

Share

Ыам ыйын 19 күнэ – В.И.Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнэ. Оччотооҕу октябреноктартан, пионердартан ыйыталаһан көрдөххө, үгүстэр бу хамсааһын иитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэри, үлэни-хамнаһы ахталлар. Төһө даҕаны тэрээһин дэннэр, ол кэм идеологията күүстээҕин өйдүүбүт. Оттон билигин хайдаҕый?

БҮТҮН АРАССЫЫЙАТААҔЫ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭР ХАМСААҺЫННАРА

Октябренок, пионер диэн өйдөбүллэр уларыта тутууну кытта симэлийдэллэр да, маҥнай утаа оскуолаларга маныаха ханыылыы үлэлэр бараллара. Сорох оскуолалар “Саһарҕа”, “Кэскил” диэн ааттарын уларытан үлэлээбиттэрэ, кэлин үөрэнээччилэр хамсааһыннарыгар кубулуйбута.
2015 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр хамсааһыннара” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай оҕо тэрилтэтэ” тэриллэрин туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу хамсааһын үүнэр көлүөнэни иитэр, оҕолор интэриэстэригэр уонна ирдэбиллэригэр олоҕуран кинилэри сайыннарар, ону тэҥэ, үөрэнээччилэр иллэҥ кэмнэрин уонна дьарыктарын сөпкө аттарар соруктаах этэ. Оскуола үөрэнээччилэрин, төрөппүттэри, педагогтары барыларын бииргэ түмэрэ.

“БАСТАКЫЛАР ХАМСААҺЫННАРА” ТЭРИЛТЭ

Иитиигэ сыыйа бара турбут үлэ, дойдуга буола турар байыаннай эпэрээссийэнэн өссө күүһүрдэ диэххэ сөп. Ити эмиэ даҕаны сөптөөх дьаһал. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи чахчылар көрдөрөллөрүнэн, Арассыыйаттан тас дойдуларга “көһөөччү” ахсаана биллэ эбиллибит.
Оҕо, ыччат ортотугар саҥа сүүрээни киллэрэр инниттэн Пионерия 100 сылын көрсө Арассыыйатааҕы оҕо хамсааһынын сокуона оҥоһуллан, дойду бэрэсидьиэнинэн бигэргэммитэ. Итиэннэ оҕо, ыччат хамсааһыныгар анаан бүддьүөттэн сыллата 21,3 млрд солк. үп көрүллүөхтээх диэн эрдэ иһитиннэрбиттэрэ. Сокуон оҕо уонна ыччат интэриэһин көмүскүүр, үүнэр көлүөнэни иитэр, идэни таларыгар сөптөөх хайысхаҕа салайар, сынньалаҥнарын тэрийэр соруктаах.
Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын үөрэнээччилэри эрэ буолбакка, устудьуоннары эмиэ хабар аналлаах. Бастакы сүһүөх тэрилтэлэр оскуолаларга, кэллиэстэргэ тэриллэллэр. Кинилэргэ анал­лаах иитэр тэрээһиннэринэн, сынньалаҥнарын сөпкө аттарыынан уһуйааччылар – улахан дьон дьарыктаналлар.
Былырыын ахсынньыга Москваҕа буолан ааспыт оҕо аймах уонна ыччат саҥа хамсааһынын бастакы сийиэһигэр, саҥа эрэгийиэннэри ааҕан туран, 89 субъектан кыттыбыттара, биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 13 оҕо дэлэгээтинэн талыллыбыта. Оҕолорго анаан быыс­тапкаттан саҕалаан араас квест-­оонньууларга, лиэксийэлэргэ тиийэ ыыппыттара. Итиэннэ саамай сүрүнэ – саҥа хамсааһын ис хоһоонун ырытыспыттара.
Манна даҕатан эттэххэ, дойду үрдүнэн “Бастакылар хамсааһыннара” тэрилтэ бастакы олох­тоох салаата Саха сиригэр тэриллибитэ. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 500-тэн тахса бастакы сүһүөх баар диэн этэллэр. Быйыл саас “Муус устар” тэрээһин иитинэн “Бастакылар хамсааһыннарын” ыччакка аналлаах маҥнайгы сүлүөтэ буолан ааста.

ААТЫ ТОЛКУЙДААҺЫҤҤА – ИККИ КҮН

Сийиэс дэлэгээттэрэ быһаарбыттарынан, саҥа тэрилтэ хас да хайысханы өрө тутар: олох уонна үтүө өрүт, патриотизм, доҕордоһуу, үтүө санаа уонна кырдьыксыт буолуу, баҕа санаа, хардарыта көмөлөсүһүү уонна ытыктабыл, устуоруйаны ахтыы.

Былырыын бигэргэммит саҥа хамсааһын аатын толкуйдуур, талар быраап сийиэс кыттааччыларыгар бэйэлэригэр бэриллибитэ. Бу, омос көрдөххө, судургута суох сорудахха оҕолор икки күн төбөлөрүн сыспыттара. Куоластааһын электроннай көрүҥүнэн барбыта – хас биирдии саалаҕа киирэр оҕоҕо пультары түҥэппиттэрэ.
Тэрилтэ аатын тобулууга онлайн куоластааһын өссө си­­йиэс иннинэ, сэтинньи ортотуттан барбыта. Онно бастакы миэстэҕэ – Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына, иккискэ – “Пионердар”, үһүскэ Гагарин аатынан хамсааһын тахсыбыттара.
Ол гынан баран, сийиэс кыттыылаахтарыгар эрдэ куолас­тааһыҥҥа киллэрбэтэх ааты – “Бастакылар хамсааһыннара” (“Движение первых”) куоластыырга этии киллэрбиттэрэ. Аныгы оҕо инники күөҥҥэ ордук талаһарын, куруук бастыан баҕарарын иһин эбитэ дуу, баһыйар улахан аҥаардара куоластарын бу аакка биэрбиттэрэ. Онон былырыыҥҥыттан “Бастакылар хамсааһыннара” Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына тэриллэн үлэлээн эрэр. Сийиэс дэлэгээттэрэ быһаарбыттарынан, саҥа тэрилтэ хас да хайысханы өрө тутар: олох уонна үтүө өрүт, патриотизм, доҕордоһуу, үтүө санаа уонна кырдьыксыт буолуу, баҕа санаа, хардарыта көмөлөсүһүү уонна ытыктабыл, устуоруйаны ахтыы, Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута, Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу уонна бигэ дьиэ кэргэн.

Түмүктээн эттэххэ, “Бастакылар хамсааһыннара” (“Движение первых”) оччотооҕу пионердартан уратылаах. Билигин аҕа көлүөнэ баҕарбытын да иһин оччотооҕу пионерияны төнүннэрэрэ саарбах – кэмэ уонна көлүөнэтэ атын. Ол эрээри, Пионерия аҕа көлүөнэ дьон сүрэҕэр өрүү тыын­наах, төлөннөөх уотунан умайар, ол төлөн устуоруйа, холобур, иитии, такайыы быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 минут ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

53 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

1 час ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

1 час ago