Пионерия күнүнэн. Кырдьыксыт, сиэрдээх, көхтөөх буоларга уһуйбута

Share

Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн 1924 сыл олунньу 17 күнэ ааҕыллар. Бу күн Дьокуускайга бастакынан пионерскай этэрээт хомуллубут, манна 60-тан тахса пионер баар эбит.

Пионерскай тэрилтэ оҕону, ыччаты тѳрѳѳбүт дойдуну таптыырга, дьоhун гражданин буола улаатарга ииппит-үѳрэппит үтүѳтэ улахан.

Дүллүкү орто оскуолатыгар пионерскай тэрилтэ үлэтэ мэлдьи көхтөөхтүк, күргүөмнээхтик ыытыллара.

1976-1977 үөрэх сылыгар оскуолабытыгар Дьокуускайга пионербаһаатайдар куурустарын бүтэрэн Валерия Васильевна Васильева үлэлии кэлбитэ. Эрчимнээх, ирдэбиллээх баһаатай пионерскай тэрилтэ үлэтин бастакыттан былааннаахтык, сыал-сорук туруоран саҕалаабыта. Оскуолабыт пионерскай дружината оройуоннааҕы, республиканскай, Бүтүн Союзтааҕы араас тэрээһиннэргэ, куоталаһыыларга, эспэдииссийэлэргэ, похуоттарга  көхтөөхтүк кыттан барбыта. Бастыҥ үлэтинэн хас да сыл “Правофланговай дружина” аатын сүкпүтэ. Валерия Васильевна өрөспүүбүлүкэҕэ 5 бастакы  “Методист-пионербаһаатай” ааты ылааччылар ортолоругар киирбитэ.

Биһиги пионерия 100 сылынан Валерия Васильевна баһаатайдыыр кэмигэр пионер кэккэтигэр киирбит уонна бу оҕо тэрилтэтин үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыттан ахтыы ылбыппытын таһаарабыт.

Оҕо сааһым сырдык, сылаас кэрчигэ

Биһиги кылааспыт оҕолоро пионер кэккэтигэр 1978 с. Дүллүкү орто оскуолатыгар  3-с кылааска үөрэнэ сылдьан муус устар 22 күнүгэр, В.И.Ленин төрөөбүт күнүгэр, киирбиттэрэ. Мин, Саргы Бугулова, Коля Ильин ыалдьа сыппыт буолан, ыам ыйын 19 күнүгэр, Пионерия күнүгэр, киирбиппит.

Пионербаһаатайбыт Валерия Васильевна Васильева биһигини эрдэттэн “пионер андаҕарын” этэргэ,  линейкаҕа хайдах хааман, ханна тиийэн турарбытыгар тиийэ бэлэмнээбитэ. Улахан бэлэмнэнии кэнниттэн сарсыарда пионер хоһугар үөрүүлээх линейка буолбута. Онно биһиги чиэстэнэн-бочуоттанан, Зоя Космодемьянская аатынан дружина знамятын тобуктуу түһэн, муннугуттан сыллаан ылан, андаҕар этэн кыһыл хаалтыһы бааммыппыт. Ол кэнниттэн “Зарницаҕа” барбыппыт. “Зарница” ол саҕана Балаҕан Көлүйэҕэ буолара. Оскуола оҕото бары үөрэммэккэ тахсан, кылаастарынан күрэхтэһии бөҕөтө ыытыллара. Уу баһыытыттан саҕалаан күөс өрүүтэ уонна “кыһыллар”, “үрүҥнэр” диэн икки хамаандаҕа арахсан эппилиэт былдьаһыыта буолара. Ол күн мин “кыһыл” буоламмын, улахан эдьиийбэр кууркабар кыһыл эппилиэт тиктэрэн барбытым. “Сүрдээх тыҥааһыннаах киирсиилэргэ” икки эппилиэппин Ильин Ыстапаан туура тардан ааспыта. Охтон хаалбыппын туруору тардан баран, салгыы сүүрэ турбутун наһаа өйдүүбүн. “Зарница”, күрэстэр бары бүппүттэрин кэнниттэн, сиргэ эрдэттэн бэлэмнэммит биэс муннуктаах сулуска кутаа уматыытынан түмүктэммитэ. Онно саҥа киирбит пионердартан миэхэ кутааны биир муннугун уматар улахан чиэс тиксибитэ.

Биһиги кылаас Павлик Морозов аатынан этэрээт этибит. Бэрэссэдээтэлинэн Маша Егорова, знаменосец Лия Феофанова, горнист Юра Михайлов, Юра Анисимов, барабанщиктар Индира Трофимова, Света Васильева, звеньевойдар Нина Борисова, мин этибит. Дружинабыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Зоя Космодемьянская аатын сүгэрэ. Кини биографиятын, герой-пионердар биографияларын барытын үөрэтэн билэрбит. Ону барытын баһаатайбыт Валерия Васильевна ирдиирэ.

Пионер хоһо хас перемена аайы аһаҕас буолара, онно наар сылдьарбыт, сурунаал көрөрбүт, кинигэ ааҕарбыт. Дружинабыт иһинэн КИД (Клуб интернациональной дружбы) үлэлиирэ. Онно дойдубут араас муннуктарыттан араас омук оҕолорун кытта суруйсарбыт. Ол саҕанааҕы оскуола саастаах оҕолор хаһыаттарыгар “Бэлэм буолга” хайаан да бары суруттарарбыт уонна ааҕарбыт. Пионер сүрүн быраабылатынан үөрэххэ кыһаныы, кырдьаҕастары ытыктааһын, доҕордуу буолуу, бэрээдэктээх буолуу, үрдүккэ тардыһыы буолара. Үчүгэй үөрэхтээх, көхтөөх пионердар Бүтүн Союзтааҕы лааҕырдарга баран сынньаналлара. Биһиги этэрээттэн Лия Феофанова “Артек”, Рома Алексеев “Океан” лааҕырга баран кэлбиттэрэ.

Биир сыл бырааттыы Монголияттан дэлэгээссийэ кэлэ сылдьыбыта. Ыалдьыттары көрсөргө дэриэбинэ дьоно бүтүннүү бэлэмнэммиппит. Оскуола оҕолоро монголлуу тыллары үөрэппиппит. Нууччалыы, сахалыы, монголлуу суруллубут былакааттар уулуссалары киэргэппиттэрэ. Биһиги кылаас этэрээтиттэн пионердар  Афанасьев Спартак уонна мин, алын кылаастан Вика Тимофеева, Наташа Романова, Владик Докторов  буоламмыт делегация чилиэттэригэр бүтүн Сэбиэскэй Сойуус пионердарын аатыттан кыһыл хаалтыһы баайбыппыт.

Бу курдук оҕо сааһым биир сырдык, кэрэ кэрчигин олус үчүгэйдик саныыбын, сылаастык ахтабын.

Индиана Феофанова,

Дьокуускай куорат олохтооҕо.

Чиэһинэй, аһыныгас, эппиэтинэстээх буоларга үөрэппитэ

Биһиги дьоллоох оҕо сааспыт хас биирдии кэрдиис кэмигэр октябренок, пионер, комсомол буолар чиэскэ тиксибиппитинэн үгүспүт билигин киэн туттабыт. В.И.Ленин мөссүөннээх значогу, кыһыл хаалтыһы долгуйан, үөрэн-көтөн туран иилинэрбит.

Валерия Васильевна Васильева биһиги оскуолабытыгар пионер баһаатайынан үлэлиэҕиттэн элбэх интэриэһинэй тэрэээһиннэри, сбордары тэрийэн ыытар этэ. Хас биирдии тэрээһинин үчүгэйдик былаанныыра, кыттааччылартан кытаанах бэрээдэги ирдиирэ. Кини эппит тылыгар турумтуо уонна оҕолору кытта уопсай тылы түргэнник булан бодоруһара. Оскуола, нэһилиэк иһинэн буолар тэрээһиннэр пионер кыттыыта суох ааспаттар этэ.

7-с кылааһы бүтэрэн баран оскуолабытыттан 14 оҕо буолан дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка күүлэйдии барбыппыт. Активист, үчүгэй үөрэхтээх оҕолор путевкаҕа тиксибиппит. Салайааччынан Валерия Васильевна барсыбыта. Москва музейдарын, кэрэ историческай миэстэлэрин барытын кэриэтэ көрдөрбүтэ. Төрөппүттэрбититтэн эбии көҥүллэтэн, дойдубут иккис улахан куоратыгар Ленинградка сырытыннарбыта. Дьиэбититтэн хаһан да, ханна да тэйбэтэх тыа оҕолоругар олус үөрүүлээх-көтүүлээх, дьоллоох сайыммыт этэ. Тус бэйэм наһаа элбэҕи билбитим, билиим-көрүүм кэҥээбитэ.

Мин кылааспар этэрээт хамандыырынан, пионерскай дружина сэбиэтигэр чилиэнинэн сылдьыбытым, онтон бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Комсомолга да киирэн баран пионерияны кытта сибээспин быспатаҕым.

Инники олохпутугар биһигини чиэһинэй, аһыныгас,  эппиэтинэстээх буоларбытыгар бэйэтин чаҕылхай кылаатын киллэрсибит киһинэн мин баһаатайбын Валерия Васильевнаны ааҕабын. Киниэхэ махталым муҥура суох.

Анастасия Перевалова –Васильева,

Дүллүкү.

Өйтөн-сүрэхтэн умнуллубат

Эдэр пионердар сокуоннарын 3-с кылааска үөрэппиппит. В.И.Ленин төрөөбүт күнүгэр оскуола успуорт саалатыгар мэктиэ тыл этэн, хаҥас илиибитигэр хаалтыспытын тутан турдахпытына, улахан кылаас оҕолоро кэлэн түөспүтүгэр баайан биэрбиттэрэ олус долгутуулаах этэ.

7-с кылааска үөрэнэрбитигэр оҕолор саас “Зарницаҕа” тахсалларыгар анаан Амыдайга “Пионерскай хонууну”  оҥорбуппут. Баһаатайбыт Валерия Васильевна биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьыбыта. Суолга баран иһэн Дьоруой пионердар тустарынан кэпсиирэ, онон сатыы айаммыт биллибэккэ хаалара.

Этэрээппит бэрэссэдээтэлэ Гоша Оконосов сүрдээх ирдэбиллээх, киэҥ билиилээх, идиэйэлээх буолааччы. Кылааһынан Башкирия оҕолорун кытары суруйсубуппут. Араас тэрээһиннэргэ хоһоон ааҕарбыт.

Биирдэ Саҥа Аппаҕа киирэн  Монголияттан кэлэр дэлэгээссийэни көрсүбүппүт. Бастыҥ үлэлээх “Правофланговай дружина” аатын ылбыппыт. Бэрэссэдээтэлбит Маша Егорова этэ. Биһиги кылаастан Надя Ксенофонтова, Гоша Оконосов соҕуруу “Артек” лааҕырга сынньанан кэлбиттэрэ. Кэлэн баран биһиэхэ “Артек”  пионердарын ырыаларын үөрэппиттэрэ.

Араас куонкурустарга, аахсыйаларга, эспэдииссийэлэргэ кыттарбыт, онтон олус үөрэрбит. Манна барытыгар көҕүлээччинэн, сүбэлээччинэн баһаатайбыт Валерия Васильевна буолара. Пионерскай слеттар, сбордар, “Зарница”, түөспүтүгэр кыһыл хаалтыс тэлибириирэ өйтөн-сүрэхтэн умнуллубат.

Наталья Степанова,

Дүллүкү орто оскуолатын “Радуга” оҕо тэрилтэтин салайааччыта,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

Пионерскай тэрилтэ оҕолору үлэҕэ-үөрэххэ көхтөөх, бэрээдэктээх, чиэһинэй буоларга иитэр-үөрэтэр үлэни ыытара. Оскуолаҕа ыытыллар араас тиэмэлээх сбордар, сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр, сыллата ыытыллар тимуровскай көмө – барыта пионерскай тэрилтэ ыытар үлэтин иһинэн буолар эбит. Ситиһиилээх  үлэтин иһин биир кэмҥэ Валерия Васильевна Бүтүн Союзтааҕы “Артек” лааҕырга пионер баһаатайынан ыҥырыллан үлэлээн, араас омук оҕолорун салайан илдьэ сылдьан, тэрээһиннэри ыытыһан кэлбит.

Валерия Васильевна  үтүө түмүктээх үлэтэ В.И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ, ленинскэй комсомол КК Бочуотунай грамотатынан, «Методист-пионер баһаатай» аатынан, «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Пионер баһаатайбыт сыралаах, үтүө суобастаах үлэтэ, үтүө аата умнуллубат, оҕоҕо-ыччакка бастыҥ холобур буолар.

Матырыйаалы бэлэмнээтилэр: Айыына Петрова, 7 кыл.,

 Алина Санникова, 10 кыл. үөрэнээччилэрэ.

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, “Эрчим” медиа-бөлөх

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 минуты ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

52 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

1 час ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

1 час ago