РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Пироговскай киинигэр сахалар ИТ-эйгэҕэ оҥоһуктарын бэрэбиэркээн көрдүлэр.
Sciberia Head диэн бырагыраама мэйиигэ хаан туруутун диагностикалыыр, онон рентгенолог-быраас ноҕуруускатын кыччатар, үлэтин аҕыйатар кыахтаах. Бу маннык быһаарыыны Н.Пирогов аатынан мэдиссиинэ киинигэр “Якутия” технопаарка “Сайберия” хампаанньатын Sciberia Head диагностикалыыр муодулун үлэтин чинчийэн көрөн баран, ылыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр сааҥсыйалар кэмнэригэр ИТ-эйгэҕэ дьиҥнээх олоххо баар соруктары быһаарар бырайыактар оҥоһуллуохтаахтар диэн этэн турар.
Бу Sciberia Head бырайыак хайдах үлэлиирин бэрэбиэркэлээн көрөн баран, бырагыраама төһө көдьүүстээҕин быһаарбыттар: “точность – 99%, чувствительность – 86%, специфичность – 99%”. Холобур, мэйиигэ хаан туруутун кээмэйин 90 сөкүүндэ иһинэн быһаарар эбит. Онон, бу бырагырааманы үрдүктүк сыаналаатылар.
Sciberia Head систиэмэ көмпүүтэр томографиятыгар мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиитин аптамаат быһыытынан быһаарарга аналлаах. Онон быраас үлэтин чэпчэтэр кыахтаах.
От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой? Бэс ыйын…
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.