Пластиктан хаһан аккаастанабыт?

Share

Аан дойду биир сүрүн кыһалҕатынан пластик бөх сыллата мунньуллара буолар. Элбэх үйэлэр тухары сүтэх-симэлийэн хаалбат матырыйаал тулалыыр эйгэҕэ буортулааҕа саарбахтаммат. Бу кыһалҕаны үрдүттэн көрөн олорон биир судургу санаа көтөн түһэр: “Ама пластиктан аккаастанар кыах суоҕа буолуо дуо?” Бу ыйытыыга хоруйдуур туһугар пластик биһиги олохпутугар хайдах киирбитин өйдөөн ылыаҕыҥ, уонна чинчийээччилэр инникибитин хайдах сылыктыылларын көрүөҕүҥ.

 

Пластик бастаан хаһааҥҥыттан туһаныллар буолбутай?

1868 сыллаахха, АХШ бильярд шарын оҥорор хампаанньа слон муоһун солбуйар матырыйаалы булбут киһиэхэ 10 тыһыынча дуоллары биэрэбит диэн биллэрии таһаарбыт. Оччолорго Африкаҕа слон ахсаана лаппа аччаабыт, онон бу кыыл аһыытыттан оҥоһуллар бильярд шарын оҥоруу дириҥ кириисискэ киирбит. Ити кэмҥэ аан дойдуга химия көмөтүнэн айыллыбыт матырыйаал баара – целлулоид. Соччо үчүгэйэ суох хаачыстыбалаах матырыйаал буолан, туһаҕа тахсыбакка сылдьыбыт эттиги Джон Уэсли Хайат диэн ааттаах эдэр киһи кыратык уларытан кытаанах туруктаах матырыйаалга кубулуппут, уонна бильярд шарын кутан көрбүт. Эспэримиэн табыллыбыт – улахан бириис саталлаах уол хармааныгар киирбит.

Ол кэннэ, Джон Хайат целлулоиды патеннаан, атын араас табаары оҥорорго туттан барбыт. Сууйары ирдээбэт чэпчэки сыаналаах ырбаахы саҕатын, манжетын, манишкатын оҥорон, аан бастакы түргэнник быраҕыллар чэпчэки табаардары тарҕаппыт. Онуоха диэри черепаха муоһуттан оҥоһуллар тарааҕы, фарфортан оҥоһуллар куукуланы, чэпчэки бижутерияны целлулоидынан солбуйан, олуһун диэн байбыт. Ити курдук, Джон Хайат аан дойдуга чэпчэки сыаналаах маҥнайгы пластигы бэлэхтээбит, ону кытта слон, черепаха курдук харамайдары кыргыллыыттан быыһаабыт.

XX үйэ – саҥа матырыйааллар өрөгөйдүүр кэмнэрэ

Итиччэ ситиһиилээх, байытар кыахтаах ньыма көстүбүтүн кэнниттэн, саҥа пластик матырыйааллар олоххо киирэллэрэ химия науката сайдыытыттан эрэ тутулуктааҕа. Биллэрин курдук XX үйэ саҥата, химия сөҕүмэр ситиһиилэрин кэмэ. 1907 сыллаахха тааска майгынныыр бакелит диэн матырыйаал олоххо киирэр. Саастаах дьон хап-хара, ыарахан ыйааһыннаах бакелиттан оҥоһуллубут төлөпүөн туруупкатын өйдүүллэрэ буолуо. Билигин бакелиттан оҥоһуллубут төлөпүөннэри мусуойга көрүөххэ сөп. 1912 сыллаахха целлофан айыллар. Билигин даҕаны теплицаны бүрүйэр пластикпытын “салапаан” диэн ааттыыбыт эрээри, өссө 50-с сылларга ордук чэпчэки сыаналаах полиэтилен бу матырыйаалы ырыынактан үтэрийбитэ. 1927 сыллаахха күн сирин ацетат көрөр – билигин араас көрүҥэ билигин өлгөмнүк туттуллар.

1928 сыллаахха винил, 1930 сыллаахха оргстекло, 1936 сыллаахха акрил, 1938 сыллаахха стирол, 1940 сыллаахха нейлон уонна полиэстер үөдүйэллэр. 1941 сыл саҥатыгар аатырбыт массыына оҥорууну конвеерга туруорбут Генри Форд сояттан оҥоһуллар пластигынан массыына куорпуһун оҥорор былааннааҕын биллэрэр. Ол эрэн, бу былаанын улахан сэрии мэһэйдээн олоххо сатаан киллэрбэт. НЬИЭП Улуу сэриилэр киһи-аймах айар дьоҕурун кымньыылаабыт курдук түргэтэтэллэр.

Иккис аан дойду сэриитэ биир улуу арыйыыны аҕалар – ньиэп оттук эрэ буолбатах, ньиэптэн араас уустук углеводородтары арааран ылан чэпчэки сыаналаах пластик матырыйааллары оҥоруохха сөп. 50-60-с сылларга ыарахан сыаналаах айылҕа матырыйааллара – мас, таас, тимир, муос уо.д.а чэпчэки сыаналаах пластик ханыылара солбуйбуттара. Дьэрэкээн өҥнөөх, чэпчэки ыйааһыннаах, удамыр сыаналаах пластик оҥоһуктар аан дойду дьоно малга сыһыаннарын тосту уларыппыттара. Харыстаан уонунан сыллар тухары кичэллээх туттуу умнуллан барбыта. Биирдэ туттуллар иһит-хомуос, таҥас-сап, хаасуу, быстах туттар мал саҥа, дьоллоох үйэ билгэлэринэн ааҕыллыбыттара.

Сөҕүмэр сыыппаралар — бүгүҥҥү туругунан киһи аймах 8,3 миллиард туонна пластигы оҥорон таһаарбыт. Аан дойдутааҕы экэниэмикэ форума биллэрбитинэн бүгүн пластик бөх 40 бырыһыана сыбаалкаларга быраҕыллар, 32 бырыһыана бөх буолан сиргэ быраҕыллар, 14 бырыһыана уматыллар, 14 бырыһыана атын ньыманан туруга уларытыллар. Ити этиллибит 14 бырыһыан эрэл кыымын саҕыан сөп эрээри, ити сымыйа эрэл – 14 бырыһыантан 2% эрэ төттөрү туһаҕа тахсар.

Дьэрэкээн, чэпчэки эрээри…

1970-с сылларга пластикка киһи-аймаҕы өрүһүйбүт матырыйаал курдук сыһыан өссө да хаалбыта эрээри, сорох чинчийээччилэр бу хайысхаҕа сайдыы кэккэ кыһалҕаны үөскэтиэхтэрин сөбүн туһунан санааны этэр куоластара улам күүһүрэн барбыта.

Ону тэҥэ дьон санаатыгар саҥа матырыйааллар айылҕа матырыйаалларын солбуйууга элбэх итэҕэстээхтэрин бэлиэтээн, пластикка сүгүрүйүү улам уостан барбыта. Ол курдук, пластик үксэ үйэтэ суоҕа, киһиттэн таһынан дьэрэкээн өҥнөрө киһи хараҕын аалара өйдөммүтэ. Лавсан, нейлон, дермантин таҥас салгыны аһарбата, сылааһы куһаҕаннык тутара көстүбүтэ, пластиктан оҥоһуллубут сорох иһит сүһүрдэр дьайыылааҕа биллибитэ.

Уопсайынан “пластик дьадаҥы олох бэлиэтэ” диэн өйдөбүл үөскээбитэ, тимиртэн, дьиҥнээх тирии курдук айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут малы туһаныы баай, тоттук олох бэлиэтэ буолбута.

Сүрүн кыһалҕа

Ол эрэн ити барыта дуона суох кыһалҕа этэ. Сүрүн кыһалҕанан пластик өр кэмҥэ урусхалламмат туруга буолара өйдөммүтэ. Пластиктан оҥоһуллубут мал үлтүрүйэн, туһаттан таҕыстаҕына даҕаны, пластик бөх сытыйбакка-ымыйбакка сыбаалкаларга мунньуллан барбыта.

Бу кыһалҕа үйэ аҥаарын анараа өттүгэр баара биллибитин үрдүнэн, билигин даҕаны сөптөөх быһаарыыта көстө илик. Дьиҥэ, пластик суох оҥорор эрэллээх ньыма биир эрэ – уматыы. Ол эрэн, пластик барыта кэриэтэ умайарыгар диоксин, фуран уо.д.а. дьааттаах гаастары салгыҥҥа быраҕар.

Пластик бөх быһыытынан оҥоһуу хайаларга кубулуйар, муораҕа сөҕүмэр кээмэйдээх арыыларга кубулуйар. Өр сытан быыкаайык кээмэйгэ диэри урусхалланар эрээри, туруга уларыйбат – микропластик диэн ааттанар ханна баҕарар тарҕанар туруктаах быылга кубулуйар.

Учуонайдар билигин даҕаны микропластик өр кэм устата туох дьайыылаах буолуон сөбүн туһунан уопсай быһаарыыга кэлэ иликтэр, ол эрэн туох даҕаны үчүгэйи оҥорбото саарбаҕа суох.

Аныгы кэмҥэ

Бастатан туран биири билиниэх тустаахпыт – пластиктан аккаастанар кыахпыт суох. XXI үйэ бэрт кылгас кэрчигэр оҥоһуллан тахсыбыт, сылтан сыл элбээн эрэ иһэр. Тоҕо оннуга биллэр – аҕыйах хонугунан киһи-аймах ахсаана 8 миллиардка тэҥнэһиэҕэ. Иччэ элбэх киһини аҥардас айылҕа матырыйаалынан хааччыйар сатаммат сорук. Оннооҕор биирдэ туттуллар аналлаах маллартан аккастанар кыахпыт суох – элбэхтэ туттуллар малы туһаныы санитарнай туругу мөлтөтөр, ыарыыны үксэтэр кутталы улаатыннарар.

Онон билигин туһаттан тахсыбыт пластигы сөптөөхтүк суох оҥорор ньымалары көрдөөһүн бара турар. Манна икки туспа хайысхалаах суол көстөр. Бастатан туран, үйэлээх пластиктары дөбөҥнүк урусхалланар саҥа пластиктарынан солбуйуу. Иккис хайысха, мунньуллубут пластигы сөптөөх ньыманан суох оҥоруу. Манна араас ньымалар тургутулла сылдьаллар. Холобур, пластигы сиир бактериялары ууһатыы улахан кэскиллээх хайысха курдук көстөр. Аан дойдуга ыһыллыбыт бөҕү киһи кыттыгаһа суох сиэн кэбистэхтэринэ, үчүгэй буолуо этэ дии? Ол эрэн бактерия эйгэтэ оннук үчүгэйдик үөрэтиллэ илик, онон үөйбэтэх өттүбүтүттэн иэдээн ааҥныан сөп курдук. Оннук буолбатын туһугар учуонайдар кичэллээх чинчийиилэри оҥоро сылдьаллар.

Атын ньыма – кислорода суох улахан температураларын дьайан гаас туругар киилэрэн саҥаттаан туһаҕа таһаарыы. Бу ньыма билигин да сатанар эрээри, сыаната үрдүк, ырыынак сокуона бу ньыманы олоххо киллэрэргэ тиэтэйбэт.

Түмүккэ

Бүтэр уһугар бу кыһалҕаны киһи-аймах эмиэ быһаарар буолуо, манна саарбахтыыр төрүөт суох. Ол гынан баран, хаһан ол кэм кэлэрэ эбитэ буолла? Доруобуйабыт улаханнык айгырыы илигинэ, хамсыыр харамай күүскэ эмсэҕэлии илигинэ быһаарыллара буоллар, бэрт буолуо этэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

54 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago