Пленарнай мунньахха 37 боппуруос көрүлүннэ
Ил Түмэн түөрт уон төрдүс (уочараттаах) пленарнай сиэссийэтигэр бырабыыталыстыба көҕүлээһининэн көрүүгэ киирбит ”Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр социальнай өйөбүл туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонун 4 ыстатыйатыгар уларытыы киллэрэр туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуона ылылынна.
Саҥа уларытыы киирбитинэн, 60 уонна онтон үөһэ саастарынан хааччахтааһын көтүрүлүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова бу сокуон урукку эрэдээксийэтигэр социальнай өйөбүл 60 сааска диэри көрүллэр буоллаҕына, билигин сокуон саҥа бырайыагынан оннук хааччах суох буолуохтааҕын иһитиннэрдэ. Сокуон барыла сөптөөх хонтуруолу барытын ааспытын быһыытынан иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыга ылылынна.
«СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сирдэрин-уоттарын тупсарыы быраабылатыгар сыста сытар сир-уот кыраныыссатын быһаарыы бэрээдэгин туһунан” СӨ сокуонун барылын бырабыыталыстыба бэлэмнээн киллэрдэ. Муниципальнай тэриллиилэр сирдэрин-уоттарын тупсарарга, онно ырааһырыы, эстетическай хайысхалаах үлэлэри ыытыы, көрүү-истии уо.д.а. курдук үлэлэр барыыларыгар онно сыста сытар сир-уот кыраныыссатын быһаарыы бэрээдэгэ олохтонуохтаах. Ол олохтоноругар элбэх сир-уот, дьиэ-уот докумуона, схемата барыта учуоттаныахтаах буолан, олоххо толоруллуутугар элбэх үлэ уонна уустуктар үөскүөхтэрин сөп. Маны көрүүгэ сокуон барыла бырабыыталыстыба уонна парламент икки ардыгар балтараа сыл устатыгар ситэ-хото оҥоһуллубакка сылдьарын итиэннэ бу сокуон барыла ылыллыытын киин куорат муниципальнай тэриллиитин дьаһалтата утарарын үрдүнэн көрүүгэ киирбитин бэлиэтээтэ. Балтараа сыл устатыгар бырабыыталыстыба барылы көҕүлээччи быһыытынан туһааннаах сөбүлэһиилэри, бэлэмнээһини барытын оҥорбут буолуохтааҕа да, ол ситэ-хото оҥоһуллубатаҕа көһүннэ. Онон парламент бу сокуон барылыгар көннөрүүлэри киллэрии үлэтин балаҕан ыйын ортотугар диэри бүтэрэргэ диэн итиэннэ бастакы ааҕыыга ылынарга быһаарыы ылынна.
«Эппиэкэҕэ (харалтаҕа) сылдьар уонна оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр тулаайах оҕолорго уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго аналлаах харчынан төлөбүр кээмэйин уонна бэрээдэгин уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар харчынан төлөбүрү оҥорууга тустаах судаарыстыбаннай боломуочуйаны биэрэр туһунан» СӨ сокуонун 1 ыст. уларытыылары киллэрэр туһунан СӨ сокуонун барыла дьүүллэһилиннэ. Ол быһыытынан бу барыл 2024 сылга тохсунньуттан биир оҕону көрүүгэ ыйга бэриллэр төлөбүр айаҕы ииттинэн олоруу алын кээмэйинэн, ол эрээри эрдэ олохтоммут кээмэйтэн кырата суох буолуохтааҕын олохтуур. Бастакы ааҕыыга ылыллыбыт барылга оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэҥҥэ улахан өйөбүл буоларын, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйуутун сайыннарыыга көмөлөөҕүн ыйдылар.
Дьокутааттар “Тулаайах оҕолору уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуонун барылыгар уларытыылары киллэрии боппуруоһун дьүүллэстилэр. Манна СӨ Борокуратуурата бу оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы эйгэтигэр сокуону тутуһуу туругун ырытыыта көрүлүннэ. Барыл быһаарыы суругар этиллэринэн, бүгүҥҥү туругунан судаарыстыба өйөбүлүгэр наадыйар маннык оҕолор ахсааннара 1,5 тыһыынчаттан тахса, оттон кинилэр үөрэх тэрилтэлэрин бүтэрдэхтэринэ эбэтэр эппиэкэттэн таҕыстахтарына ахсааннара 2 тыһыынчаҕа тиийэ үрдүүрэ сабаҕаланар. Маны таһынан бу испииһэккэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар 7 эдэр киһи баар. Бу барылы дьокутааттар киирбит этиилэри учуоттаан туран, бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар.
“Булт туһунан уонна булт баайын харыстааһын туһунан” СӨ сокуонун 11 ыст. уларытыылар киирдилэр. Ол курдук, биир пуун эбии киирбитинэн, муниципальнай оройуон бултуур сиригэр бултааһын лимиитэ олохтонор булдугар, туундараҕа үөскүүр хотугу кыыл табаттан уонна киистэн ураты, бултааһын көҥүлүн 15 %-на уочарата суох бэрээдэгинэн тустаах оройуон булчуттарын уопсастыбаннай холбоһуктарын чилиэннэрэ буолар булчуттар икки ардыларыгар үллэһиллэр. Ити курдук кэккэ уларытыылар киирбиттэрин кэннэ дьокутааттар бу сокуон барылын бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар.
“Көмүс хостуур үлэ туһунан» федеральнай сокуон барылын туһунан уурааҕы ылыныах иннинээҕи кэпсэтиилэргэ бу сокуон омсолоох өрүттэрэ олус элбэҕэ ыйылынна. Дьокутааттар туһааннаах сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлиттэн Сахамин Афанасьевтан бу туһунан туох дьүүллэһиилэр, ырытыылар ыытыллыбыттарын, туһааннаах уорганнар, эспиэрдэр санааларын, түмүктээһиннэрин ыйыттылар. Дьокутааттар Сахамин Афанасьев ыйбыт бары омсолоох түгэннэригэр сөбүлэһэн, бу федеральнай сокуону утары куоластыыр сөптөөҕөр тохтоотулар. Дьүүллэһии кэмигэр дьокутааттар Матвей Евсеев, Виктор Губарев, Николай Кульбертинов, Любовь Явловская уо.д.а. көмүһү хостуур баҕалаах биирдиилээн дьон бу үлэҕэ көҥүлү ыллахтарына, тулалыыр айылҕа харыстабылыттан саҕалаан, дьон уонна муниципальнай тэриллиилэр, аҕа ууһун сирдэрэ-уоттара, ойуур-тыа, уу эйгэтэ барыта күөмчүлэнэр туруктааҕын, араас криминальнай мөкү көстүүлэр, сокуону кэһиилэр элбиэхтэрин сөбүн бэлиэтээтилэр, барылы ылынары утарыы боппуруоһугар атын эрэгийиэннэрдиин бииргэ үлэлиир кыайыылаах буолуоҕун туһунан сүбэлэстилэр. Онон парламент федеральнай сокуон бу барылын букатын өйөөбөт быһаарыыны ылынна, оннук уурааҕы таһаарда.
Пленарнай мунньахха барыта 37 боппуруоһу көрөн, хас биирдиилэригэр туһааннаах быһаарыылары, уураахтары ылынаннар, дьокутааттар үлэлээн кэлбит биэс сыллаах болдьохторун бүтэһик сессиятын түмүктээтилэр. Спикер Алексей Еремеев Ил Түмэн сокуону ылыныыга ыытан кэлбит үлэтин туһунан уопсай түмүктээһиннэрин кэнниттэн кэккэ дьокутааттарга сокуону оҥоруу эйгэтигэр тахсыылаах үлэлэрин иһин наҕараадалары туттартаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: