ПМЭФ 2024: Айсен Николаев Саха сиригэр нэһилиэнньэ тоҕо улаатарын быһаарда

Share

Саха сирин былаастара нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ уонна нэһилиэнньэҕэ элбэх оҕолоох ыал өлүүтүн улаатыннарыыны хайдах ситиһэрий? Тоҕо Арктика бөһүөлэгэр маастар-былаан нааданый? Сиртэн хостонор баайы өрөспүүбүлүкэ Саха сирин социальнай сайдыытыгар хайдах туһанарый? Бу уонна да атын  ыйытыктарга  Ил Дархан Айсен Николаев rg.ru кэрэспэдьиэнигэр хоруйдаата.

Билигин Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) ыытыллыбыта үһүс күнэ. Айсен Николаев Саха дэлэгээссийэтин үлэтин үтүө түмүктэринэн уопсайа 40 млрд солк. суумаҕа барыта 17 дуогабар түһэрсиллибитин бэлиэтээтэ. Дойдуга Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум ыытыллара өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах, онон Саха сирин дэлэгээссийэтэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын эттэ. Сөбүлэһиилэргэ баттааһыннартан ураты, Саха сирин партнердардарын, кэккэ бырайыактарынан инвестордары кытары олус суолталаах көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр ыытылыннылар.

«Уопсайынан үлэ көдьүүстээхтик барда дии саныыбын уонна сөбүлэһиилэр хайысхалара олус киэҥ  — сиртэн хостонор баайтан саҕалаан, углеводород баайдаах сирдэри туһаныыга уонна куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ, ол иһигэр биһиги дойдубут бөдөҥ үп-харчы үнүстүүттэрин үбүлээһиннэрин ситистибит», — диир Ил Дархан.

Саха сиригэр олох уһуна үрдээн, нэһилиэнньэ ахсаана уонна элбэх оҕолоох ыал ирээтэ эбиллэн иһэр. Ил Дархан бу ситиһиллибит сыалы оннунан хаалларыыга билигин дойду сайдыытын сүрүн национальнай соругунан биллэриллэн, норуоту харыстааһыҥҥа, нэһилиэнньэ ахсаана улаатарын туһугар төһүү тирээн турар суолталаах соруктар ылыныллыбыттарын бэлиэтээтэ.

«Хомойуох иһин, билигин оҕо төрөөһүнэ бүтүн Арассыыйаҕа курдук намтыыр. Ол эрээри, Саха сиригэр атын эрэгийиэннэртэн оҕо төрөөһүнүн ахсаана киһи өлүүтүн көрдөрүүттэн куоһарар уонна элбэх оҕолоох ыаллар ахсаана эбиллэр. Элбэх оҕолоох ыал ахсаана нэһилиэнньэ чиэппэрин ылар кэриэтэ», — диир Айсен Николаев. Ону таһынан Саха сиригэр кэнники сылларга дьон көһөн кэлиитэ үрдүүрүнэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана биллэрдик улаатар. Былырыын Саха сирин нэһилиэнньэтэ мөлүйүөннээх кирбиини аһарбыта уонна салгыы эбиллэр. Биллэн турар, бу федеральнай таһымҥа ылыныллыбыт өйөбүллэринэн ситиһиллэр. Ону кытта, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ Саха сиригэр кэккэ дьаһаллар ылыныллыбыттара. Саха сиригэр дьиэ кэргэн ийэ хапытаала үһүс уонна онтон элбэх оҕолоохторго икки төгүл улаатыннарыллыбыта. Кэпсэтиини сиһилии манна аах.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн күүстээх тыал, буурҕа, хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, Эдьигээн, Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма улуустарыгар  соҕуруулуу-арҕааттан 15-20 м., Анаабыр, Булуҥ…

22 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2 №-дээх балыыһа — Саха сиригэр бастыҥ!

Соторутааҕыта итиигэ буһан, сэрэхтээх эчэйиини ылан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа Ожоговай отделениетыгар эмтэннибит. Итиигэ буһууну…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ААҔААЧЧЫ СУРУГА: Хорсун байыас Сэмэнчик

Сэмэнчик сибээскэ тахсыбатаҕа хас да хоммутун туһунан сонуну истибиппит. Дьоно хамандыырын кытта кэпсэппиттэригэр: “Кэтэһэбит, арааһынай…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Өлбүт киһи кыбартыыратыгар ким олорор бырааптааҕый?

Кыбартыыра бас билээччитэ өлбүтүнэн нэһилиэстибэни ылыахха диэри онно регистрациялаах олохтоохтор, аймахтар уонна нэһилиэнньиктэр олорор бырааптара…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Циркэ оҕолоро” Кытайга үөрэнэ бардылар

Былырыын Хэбэй акробатическай (цирковой) ускуустуба оскуолата Саха сириттэн 20 оҕону ылан үөрэтэргэ сөбүлэҥин биэрбитэ. Пекиннээҕи…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр суукка иһигэр түөрт баһаар тахсыбыт

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр түөрт техногеннай баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ. Быһылааннар түмүктэригэр эчэйбит уонна өлбүт…

14 часов ago