ПМЭФ 2024: Арктика сайдыытыгар саҥа кыахтар үөскүүллэр
Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) пленарнай мунньаҕар Бэрэсидьиэн Владимир Путин Уһук Илин уокурук сайдыытыгар ураты болҕомтотугар ылан, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кэлимник сайыннарыы бырагырааматын туһунан кэпсээтэ.
Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Регнум» иһитиннэрэр ааҕыныстабаҕа кэпсээтэ. Ил Дархан РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин иһинэн Арктика эрэгийиэннэрин уонна хотугу муора суолун сайыннарар хамыыһыйатын тэрийэр туһунан сонуну үөрэ истибитин туһунан эттэ. Кини этэринэн, хоту муора суолунан таһаҕаһы тиэйии кээмэйин сылга 150 мөл. туоннаҕа диэри улаатыннарыы туһунан дойду Бэрэсидьиэнин этиитэ бу хайысханы сайыннарарга улахан кыахтары үөскэтэр уонна кэскиллээх.
«Бэрэсидьиэн Арктика сайдыытын тус болҕомтотугар ылара Саха сиригэр үүнүү саҥа кыахтарын үөскэтэр. Саха сиригэр хотугу муора суолун Тиксии-Найба агломерациятын тирэх пууна Саха сирин экэнэмиичэскэй кыахтарын күүһүрдүүгэ сүҥкэн оруоллаах. Итиэннэ Тиксии дойду национальнай куттала суох буолуутун хааччыйыыга сүдүр суолталаах», — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Кини итини сэргэ Найбаҕа дириҥ муора пуордун тутуу хорҕолдьун хостонор баайдаах сирдэри, көмүһү, сэдэх сиртэн хостонор баайы баһылыырга тиэрдиэҕэ.
«Найбаҕа пуорт оҥоруута инникитин улуус Күчүс бырамыысыланнай кластерыгар таһаҕаһы таһыыны хааччыйыаҕа, манна 100-тэн тахса туонна көмүһү хостооһун саҕаланар. Бу бырайыак Саха сирин уонна бүтүн дойду экэниэмикэтин сайыннарыыга тус кылаатын киллэриэҕэ», — диир Айсен Николаев. Саха сиригэр Арктика дьонугар табыгастаах олорор усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллар. Кини Судаарыстыбаннай сэбиэт иһинэн Арктика эрэгийиэннэрин уонна хотугу муора суолун сайыннарыыга хамыыһыйа тэрийии Саха Арктиката сайдарыгар саҥа кыахтары арыйарыгар эрэнэр.
Бэс ыйын 5-8 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев салалтатынан 27-с Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмичэскэй пуорумҥа (ПМЭФ) кыттар. Пуорум сүрүн тиэмэтэ – “Основа многополярности – формирование новых центров роста”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: