ПМЭФ 2024: Бырабыыталыстыба өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһыгар СПГ туһаныыны кэҥэтиэ
Бэс ыйын 5 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана 27-с Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумугар (ПМЭФ) бөдөҥ логистическай операторы кытта көрүстэ.
Көрсүһүүгэ өрүттэр Саха сирин олохтоохторугар ньиэп бородууктатынан быыстала суох хааччыйыыны дьүүллэстилэр. “Саханефтегазсбыт” АУо ньиэп-гаас комплексын сайдыытын боппуруоһун таарыйдылар. Инжиринг эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиини дьүүллэстилэр.
“Саппаас чаастары оҥорууга дойду инжиниринговай кииннэрин кытыннарыы “Якутскэнерго” уонна “Сахатранснефтегаз” тэрилтэлэргэ наадалаах саппаас чаастары, инструменнары оҥорон таһаарыыга бииргэ үлэлэһиини олохтуурга көмөлөһүөҕэ. Бу Саха сирин энерготиһигэ бигэ буолуутун бөҕөргөтүөҕэ”, — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.
Өссө биир кэскиллээх хайысханан бырамыысыланнас тиэхиньикэтин ыгыллыбыт айылҕа гааһын (СПГ) туһаныыга көһөрүү буолар. Бу туһугар Саха сиригэр СПГ ис ырыынакка сайыннарыы боппуруостара тураллар. Ол иһигэр оттук бу көрүҥүн оҥорон таһаарыы бырамыысыланнай кииннэрин тэрийии туһунан.
Бэс ыйын 5-8 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев салалтатынан 27-с Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумугар (ПМЭФ) кыттар. Пуорум сүрүн тиэмэтэ – “Основа многополярности – формирование новых центров роста”.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: