Бээтинсэҕэ, бэс ыйын 7 күнүгэр, Санкт-Петербург куоракка «Экспофорум» быыстапка саалатыгар Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) пленарнай мунньаҕа буолан ааста.
Мунньахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тыл эттэ уонна ыйытыыларга хоруйдаата. Судаарыстыба баһылыга экэниэмикэҕэ саҥа ньыма туһанылларын туһунан кэпсээтэ, үлэлиир биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрэ индексацияланарыгар эрэннэрдэ, саҥа мобилизация идиэйэтин утарда, Арассыыйааҕа саҥа киин куорат баар буолар сабаҕалааһыҥҥа сөпсөстө уонна Украинаҕа Кыайыыны ситиһэргэ эрэннэрдэ.
Владимир Путин пленарнай мунньах кэмигэр иһитиннэрбит сүрүн этиилэрэ:
— Үлэлиир биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин кээмэйэ 2025 с. олунньу 1 күнүттэн индексацияланыаҕа. Госдуумаҕа туһааннаах сокуон барыла көрүллүөхтээх.
— Дьиэ кэргэн 6 %-наах ипотека бырагырааматын кыра куораттарынан олорор дьиэ атыылаһыыга оҕо сааһыттан тутулуга суох кэҥэтиэх тустаахпыт.
— Хамнас алын кээмэйэ орто хамнаска сыһырыаллыахтаах: 2025 сылтан 48 % үрдээн 22 тыһ. солк. тиийиэҕэ, оттон 2030 сылга 35 тыһ. солк. буолуоҕа.
— Арассыыйаҕа IT хампаанньалар барыс нолуогун ыстаапкатын 2030 сылга диэри 5% олохтуохха наада.
— Гражданнар баҕа өттүнэн уһун болдьохтоох мунньунуу уурунууларын бырагырааматын хос үбүлээһинин болдьоҕун 3 сылтан 10 сылга диэри уһатарга сорудахтанна.
— Эрэгийиэннэр бөдөҥ хампаанньаларын сүрүн офистарын көһөрүү идиэйэтэ өссө эбии көрүллэрэ эрэйиллэр, ол гынан баран болҕомтоҕо ылыллыахтаах.
— Дойду ырыынагар Арассыыйа табаардарын маркетплейстарга таһаарар кыахтарын «Почта» саҥардыллыбыт стратегиятыгар учуоттаныахтаах.
— Арассыыйа экэниэмикэтин үүнүүтүн тэтимэ аан дойдутааҕы орто кээмэйин куоһарар, сүрүннээн, оҥорон таһаарыыта суох салаалар суотугар.
— Арассыыйа технологическай уларыйыыларга бэлэмнээҕин үрдүк таһымын дакаастаата — үп-харчы салаата, тырааныспар, байыаннай эйгэ саҥардыыга наадыйар.
Бэс ыйын 5-8 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев салалтатынан 27-с Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумугар (ПМЭФ) кыттар. Пуорум сүрүн тиэмэтэ – “Основа многополярности – формирование новых центров роста”.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…