ПМЭФ 2024: Маастар-былаан Тиксии-Найба агломерациятын сайдыытын түргэтэтиэ

Share

Бэс ыйын 6 күнүгэр Петербурдааҕы 27-с норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумугар (ПМЭФ) Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев “Арктиканы сайыннарабыт. Тымныы дойду куораттарыгар инвестициялар” дьүүллэһиигэ кытынна.

Саха сирин баһылыга Саха сирин Арктика түөлбэтин сайдыытын стратегиятын түмүктээх буолуутун бэлиэтээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут Арктика куораттарын сайыннарыы соруктарын чэрчитинэн, Саха сиригэр Тиксии-Найба агломерацията тирэх пуунунан быһаарыллыбыта. Онон сибээстээн маастар-былааны торумнууллар, бу былаан тустаах агломерацияны Арктика түөлбэтин тирэх пуунун быһыытынан сайыннарыаҕа.

“Хотугу муора суолунан навигация чөлүгэр түспүтүнэн Тиксии-Найба суолтата олус үрдүүр. Бу миссия – Хотугу муора суолун киининэн буолуу. Агломерация Хоту дойду төрүт олохтоох норуоттарын үгэстэрин харыстыаҕа, науканы сайыннарыаҕа, Арктиканы баһылааһын бырайыактарын олоххо киллэриэ”, — диэтэ Айсен Николаев.

Найбаҕа дириҥ уулаах муора пуордун тутуу хорҕолдьун, кыһыл көмүс, сэдэх металлар баайдаах сирдэри баһылааһыҥҥа көмөлөһүөҕэ. Манна углеводородтар кэскиллээх баайдаах сирдэрэ бааллар. Онон Найбаҕа пуорду тэрийии Күчүстээҕи бырамыысыланнас кластерыгар диэри таһаҕаһы тиэйиини хааччыйыаҕа. Манна 100 туоннаттан тахса кыамталаах баайдаах кыһыл көмүстээх сири баһылааһын саҕаланар.

Олохтоохтор тупсаҕай олохторун-дьаһахтарын туһугар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Уопсастыбаннай эйгэлэри тупсаҕай оҥоруохтара, уулуссалары саҥардыахтара, уунан хааччыйар ситими тутуохтара, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүөхтэрэ. Социальнай эйгэ эбийиэктэрэ саҥардыллыахтара: балыыһалар, үлэһит каадырдары бэлэмнииргэ үөрэх кластера, култуура киинэ уонна успуорт комплекса.

2024 сыл бэс ыйын 5-8 күннэригэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев салалтатынан Петербурдааҕы 27-с норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумугар (ПМЭФ)  кыттар. Пуорум сүрүн тиэмэтэ – “Основа многополярности – формирование новых центров роста”.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна  Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

8 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

9 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

20 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago