Салгыы
«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

14.12.2024, 19:10
Бөлөххө киир:

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар.

Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас оройуоннарыттан, Дьокуускайтан кытыннылар.

Олимпиада иккис түһүмэҕэр онлайн-куурустары аастылар, биисинэс-бырайыактары оҥордулар.

«Оҕолор бары наһаа үчүгэй бырайыактаахтар. Кинилэр бары бэйэлэрин сэлиэнньэлэрин, өрөспүүбүлүкэлэрин сайыннарга кыһаналлар«,— диэтэ Саха сирин урбааҥҥа, эргиэҥҥэ, туризмҥа министиэристибэтин урбааны сайыннарыыга кылаабынай исписэлииһэ Юлия Макарова.

Олимпиада кыайыылаахтара:
«Траектория будущего» — Горнай улууһун Бэрдьигэстээх оскуолатыттан «Умная ферма Бердсмарт» бырайыагынан Герман Бережнов.
«Точка роста» — Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Майа лиссиэйиттэн «Традиционная мутовка Ытык — нового поколения» бырайыагынан Сайаан Павлов.
«Мой добрый бизнес» — Нам оройуонун Хомустаах оскуолатыттан «Тренажер «Тарбах тардыһыы» бырайыагынан Айаал Мамаев.

Кыайыылаахтар 50 тыһыынча солкуобайдаах бирииһи уонна диплому туттулар.

Герман Бережнов роботехническэй нобуордары туһанан хонуу курупааскытын иитэр. Робототехниканан оҕо эрдэҕиттэн дьарыктаммыт, оттон перепелканан иккис сылын.
«Оҕолор бэйэлэрин социальнай суолталаах идиэйэлэрин сайыннарар баҕалаахтар.Бу киэҥ хабааннаах уонна үчүгэй»,— диэтэ «Лига роботов» бырагыраамалааһын, Робототехника норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолатын управляющайа Сергей Колесников.

Сиһилии куонкурустар, тэрээһиннэр туһунан билиҥ: Телеграм, ВКонтакте, Однокласснпки, Мойбизнес14.рф порталга. Итии лиинийэ төлөпүөнэ:8(800)100-58-80

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: