Покровскайга Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ бастакы өйдөбүнньүк арылынна

Share

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр — Судаарыстыбаннас күнүгэр Покровскай куоракка Бастакы Бэрэсидьиэммит, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Ефимович Николаев өйдөбүнньүгэ арылынна.

Оруобуна бу күн 1990 сыллаахха федерализм бириинсиптэригэр олоҕурбут саҥа Саха сирин тутар суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыта. Бу кэмтэн ыла олохпут бары хайысхатыгар барар үлэлэр, ситиһиилэр Михаил Ефимович аатын кытта быстыспат ситимнээхтэр.
Бүгүн Өлүөнэ өрүс үрдүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга Бастакы Бэрэсидьиэн өйдөбүнньүгүн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А. И. Еремеев, Хаҥалас улууһун баһылыга О. В. Иринеев, Бастакы Бэрэсидьиэн соратниктара К. Е. Иванов, М. В. Мучин арыйдылар.

Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: «Михаил Ефимович Ити уустук сылларга эппиэтинэһи бэйэтин санныгар сүгэн, соратниктарын кытта ылыммыт Декларацияларыгар олоҕуран, федеративнай дуогабарга илии баттаммыта, СӨ Конституцията ылыллыбыта. Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытыгар тулхадыйбат фундамент уурбута. Биһиги кини аатынан мэлдьи киэн туттуохпут«, — диэтэ.

Антонина Эверстова хаартыската
Антонина Эверстова хаартыската

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков:  «Михаил Ефимович туох баар олоҕун, энергиятын төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр биэрбитэ, кини устуоруйатыгар, инники кэскилигэр. Мин бу үтүөкэн өйдөбүнньүгү оҥорбут дьоҥҥо махтанабын. Кини олук уурбут өрөспүүбүлүкэтэ бүгүн иннин диэки эрэллээхтик хардыылыыр», — диэн эттэ.
Улуус баһылыга О. В. Иринеев бу болуоссат мантан антах Михаил Николаев аатын сүгүө, элбэх үлэ ыытыллыа, диэтэ.
Хаҥалас дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин Улуу уолларыгар бастакы өйдөбүнньүгү төрөөбүт сиригэр уотугар туруоран сүргэлэрэ көтөҕүллэн бу күнү көрүстүлэр.
М. Е. Николаев өйдөбүнньүгүн оҥорбут скульпторга Николай Огонеров аатыгар барҕа махтал тыллара этилиннилэр.
Саха норуотун чулуу уолугар Михаил Ефимович Николаевка турбут өйдөбүнньүк кэлэр көлүөнэлэри үйэлэргэ сирдии, ыҥыра туруоҕа.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago