Покровскайга Михаил Николаев пааматынньыгын туруоруохтара
Покровскай куоракка Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев пааматынньыгын туруоруохтара. Бу туһунан Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев иһитиннэрдэ диэн СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Улуус баһылыга этэринэн, пааматынньык аһыллыыта быйыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр буолар.
«Михаил Ефимович Николаев — биһиги киэҥ туттар биир дойдулаахпыт. Дьиҥнээх патриот быһыытынан төрөөбүт Хаҥалаһын улууһа сайдарыгар улахан болҕомтотун уурара. Биһиги, хаҥаластар, киниэхэ сүгүрүйэбит. Кини аатын үйэтитэр сыалтан былырыын дьаһал ылыммыппыт. Покровскайга кини аатынан болуоссат аспыппыт. Быйыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр онно пааматынньык туруоруохпут. Билигин онно бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Пааматынньык 2,5 миэтэрэ уһуннаах, боруонса», — диэн Олег Иринеев кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: