Покровскайга ыт оҕоҕо уонна дьахтарга саба түстэ
Хаҥалас улууһун Покровскайыгар бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, дьахтарга ыт саба түспүт. Эмсэҕэлээбит дьахтар иһитиннэрбитинэн, бу быһылаан олохтоох уһуйаан таһыгар буолбут.
Дьахтарга саба түһэн ытырбыт ыт уһуйаан таһынан ааһан иһэр оҕолоох дьахтарга эмиэ саба түспүт.
«Бэйдиэ сылдьар ыкка маарыҥнаабат. Хаһаайыннаах ыт буолара тута биллэр», – диэн Хаҥалас улууһун телеграм-ханаалыгар эмсэҕэлээбит дьахтар суруйбут. Бу ханаалга Покровскай куорат дьаһалтата хоруйдаабыт. Эмсэҕэлээбит киһи куорат дьаһалтатын электроннай почтатыгар сайабылыанньа түһэрдэҕинэ, биирдэ эрэ киһиэхэ саба түспүт, ытырбыт бэйдиэ сылдьар ыты тутуохтарын сөп эбит. Дьахтар хаартыскаҕа түһэрбит ыта төһө да анал моойторуга суоҕун иһин уулусса ытыгар соччо майгыннаабат диэн сабаҕалыыллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһүүлэрин түгэннэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл хаста да хатыланна. Ол курдук бу ааспыт күһүн Дьокуускай куорат Жорницкай уулуссатыгар 2016 сыллаах төрүөх оҕоҕо ыт саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Сааһын ситэ илик оҕо төбөтүгэр 12 тигиини оҥорбуттара.
Дьокуускай куорат борокуратуурата бу быһылаанынан ситимнээн эмсэҕэлээбит оҕо туһатыгар куорат дьаһалтатын 300 тыһыынча солкуобайга ыстырааптыыр туһунан көрдөбүлү суукка түһэрбит. Билиҥҥи туругунан борокуруор көрдөбүлэ хонтуруолга уонна көрүүгэ сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: