Полиция ирдэбилинэн массыынаны тохтоппотох суоппарга ыстараап үрдүүр

Share

Госдуума пленарнай мунньаҕар полиция үлэһитин ирдэбилинэн тохтооботох суоппар ыстараабын 10 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарар сокуон барылын иккис ааҕыыга ылынна.

Сокуон барылын Госдуумаҕа 2024 сыл олунньутугар дьокутааттар уонна сенатордар бөлөхтөрө киллэрбиттэр. Ити сыл балаҕан ыйыгар сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылыныллыбыта. Сокуонунан РФ Административнай быраабы кэһии Кодексатыгар хас да уларытыы киирэр. Ол курдук, административнай ыстараап кээмэйин хас да төгүл үрдэтэр туһунан этиллэр.

Билигин полиция үлэһитин тохтуур туһунан ирдэбилин толорботох иһин 500-тэн 800 солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр. Саҥа уларытыынан ыстараап 7 тыһыынчаттан 10 тыһ. солкуобайга диэри улаатар. Ону таһынан,  хаттаан кэһиини таһаарбыт иһин эппиэтинэс үрдүүр. Холобур, суоппар алта ыйга диэри болдьоххо тырааныспары ыытар бырааба быһыллар. Иккис ааҕыыга киирбит көннөрүүлэринэн, хаттаан кэһиини таһаарбыт суоппарга 10 тыһ. солкуобай кээмэйдээх ыстараап олохтонор.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Егор Неймохов төрөөбүтэ 75 сылынан “Олох – үйэлээх хапсыһыы” тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит  Егор Петрович…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуонугар — эргиэн логистическай кииннэрэ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар барыларыгар эргиэн логистическай кииннэрэ аһылыннылар. Бу соругу Айсен Николаев Судаарыстыбаннай…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрдэ көһөрүллүбүт социальнай эбийиэктэр үгүстэрэ быйыл үлэҕэ киирдилэр

СӨ Баһылыга Айсен Николаев 2024 сылга Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) Ыҥырыытыгар биэрбит сорудаҕын толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Кыыллаах күтүөтэ – Өлүөхүмэ патриота

Бу 2025 сылга Кыыллаах орто оскуолатын кыраайы уонна устуоруйаны үөрэтэр түмэлэ тэриллибитэ 55 сыла. Садот…

39 минут ago
  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Баар боломуочуйалары тыырсыыга сөптөөх этиилэр киирдилэр»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ буола турар. Ил Түмэн спикерэ Алексей…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттараллар

«Кыайыыга бииргэ!»  өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа  суһал ыстаабыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри түҥэтии саҕаланна.…

54 минуты ago