Полиция саахалга түбэспит оптуобус рейсигэр кэһиини булбата
Саха сиригэр түөрт киһи өлүүлээх саахалга түбэспит оптуобус рейсигэр полиция кэһиини булбата. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Алдан оройуонугар «Өлүөнэ» федеральнай суол 540-с километрыгар Чульман Нерюнгри оройуонун аэропордуттан Алдан куоракка айаннаан испит Higer оптуобус суолтан туораан түҥнэстибит. Массыына хаһаайына чааһынай урбаанньыт. ИДьМ дааннайынан, оптуобуска суоппары киллэрэн туран барыта 35 киһи баар эбит. Саахал түмүгэр түөрт киһи өлбүт, 30 киһи эмсэҕэлээбит. ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, суоппар уонна биир пассажир ыарахан туруктаах реанимацияҕа сыталлар. Суол бырабыылатын кэһии тахсыбытын туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
«Суоппар 1987 с.т, «В, В1, (AS) D, D1» категориялаах дастабырыанньалаах. Суол быһылаана тахсар кэмигэр курун баанан олорбут. Быйылгы сылга административнай эппиэтинэскэ тардыллыбатах. HIGER KLQ6928Q оптуобус пассажирдары таһыыга лиссиэнсийэлээх уонна ОСАГО полистаах, тиэхиньиичэскэй көрүүнү ааспыт», — диэн полиция иһитиннэрэр. Суоппар пассажирдары таһыыга сакаас оҥоро сылдьыбыт. Оттон Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, чинчийии түмүгүнэн 14 киһи балыыһаҕа киирбит, түөрт киһи туруга ыарахан диэн сыаналанар, 16 киһи амбулаторнай эмтэниигэ ыытыллыбыт. ИДьМ дааннайынан, саахал миэстэтигэр 1975, 1961, 1963 сыллаах төрүөх эр дьон уонна 1968 сыллаах дьахтар өлбүттэр диэн чуолкайданна. Суол быһылаана тахсар кэмигэр аспаал суолга инчэҕэй хаар түспүт. Ити күн таһырдьа былыттаах, инчэҕэй хаар түспүт, салгын температура +5С кыраадыс эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: