Бу күннэргэ үрдүк үөрэх кыһатын үлэһитэ уопсайа 330 тыһыынча солк. суума харчыны түөкүттэргэ албыннаппыт.
Ол курдук, ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат биир үрдүк үөрэх кыһатын 67 саастаах үлэһитэ түөүкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбитин туһунан тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи кэпсииринэн, киниэхэ үлэлиир тэрилтэтин салайааччыта буолан кубулунан түөкүттэр эрийбиттэр.
Бу сырыыга баан счетуттан биллибэт дьон харчыны көһөрө соруммуттарынан сибээстээн сэрэтии үлэ ыытылларын туһунан албыннаабыттар. Ол кэннэ сотору кэминэн быраабы араҥаччылыыр уорганнарын үлэһитэ буолан кубулунан эрийбиттэр уонна тахсыбыт быһылаан туһунан быһаарбыттар. Дьахтар итэҕэйбит, сайабылыанньа суруйбут, бааҥҥа саҥа счет арыйбыт, түөкүттэр ыыппыт сигэнэн киирбит уонна регистрацияламмыт. Ону таһынан туох баар дааннайын саайтка суруйан хаалларбыт. Ол кэннэ хара санаалаахтар харчыны барытын саҥа счетка ыытарга күһэйбиттэр. Дьахтар мунаахсыйбыт санаатынан саҥа счетуттан харчыны устарга быһаарыммыт даҕаны, сорох суумата тиийбэтин быһаарбыт. Ити курдук дьахтар уопсайа 330 тыһ. солк. тахса суума харчыны түөкүттэргэ ыыппыт.
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…