Полиция үлэһиттэрэ күнүүлээн такси массыынатын түннүгүн алдьаппыт уорбаланааччыны быһаардылар
Жатай полициятыгар таксист билбэт киһим эрдэттэн оҥостон үлэлиир массыынабын алдьатта диэн иһитиннэриилээх тиийбит. Сайаапканы суруйааччы биир дьахтары дьиэтигэр илдьибитин быһаарбыт. Бу кэмҥэ эр киһи кэлэн монтировканан массыына ойоҕос өстүөкүлэтин уонна сиэркилэтин охсубут. Тахсыбыт хоромньу суумата 40 тыһ. солк. тэҥнэспит.
Полиция участковайа бэрэбиэркэ ыытан уорбаланааччыны быһаарбыт. Бу эрдэ сууттана сылдьыбыт 41 саастаах киһи эбит.
Буруйу оҥорооччу ойоҕун үлэтиттэн кэтэһэ сылдьыбыт, ол эрээри, ойоҕо эрдэ бүппүт. Ойоҕун ханнык эрэ билбэт киһитэ аҕалбытын көрөн күнүүлээн турбут итиэннэ массыынаны алдьаппыт.
РФ Холуобунай кодексын 167-с ыстатыйатын 2-с чааһынан (“Баайы-дуолу соруйан алдьатыы эбэтэр буортулааһын”) холуобунай дьыала тэриллибит. Тустаах ыстатыйанан саамай улааппыта буруйу оҥорооччу 5 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп диэн иһитиннэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: