Саха сиринээҕи ИДьМ үлэһиттэрэ Арассыыйа атын эрэгиийэннэрин биир идэлээхтэрин кытары элбэх мөлүйүөннээх түөкүннээһиҥҥэ уорбаланааччылары туттулар.
Хара санаалаахтар эмсэҕэлээччилэрэ дойду араас муннуктарын олохтоохторо буолуохтарын сөп. Бу туһунан ИДьМ официальнай бэрэстэбиитэлэ Ирина Волк иһитиннэрдэ.
Түөкүттэр инвестициянан угуйан харчы уорбуттар. Ол курдук, Ленскэй оройуонун олохтооҕо 4 мөл. солк. сүтэрбит. Киниэхэ биржа эйгэтигэр эбии хамнастарга угуйбуттар. Полициялар уорбаланааччыны Смоленскай уобалас олохтооҕун туттулар. Силиэстийэ кэмигэр 120-тэн тахса сим-каартаны, 20-тэн тахса баан каартатын булбуттар.
«Уорбаланааччы дойду араас эрэгийиэннэригэр 80- тан тахса буруйу оҥорууга сыһыаннаах буолуон сөп. Хара санаалаах эр киһи Ставрополь кыраайын олохтооҕун ыйыытынан үлэлээбитин кэпсээтэ. Икки уорбаланааччылар тутулуннулар», – диэн Ирина Волк иһитиннэрдэ.
Татарстан "Язучы" кинигэ кыһатыгар Былатыан Ойуунускай кинигэтэ татаардыы тылынан таҕыста. Кинигэҕэ "Улуу Кудаҥса", "Дойду оҕото…
Түөкүттэр дьону албынныырга саҥа ньыманы толкуйдаабыттар. "Баһыылкаҥ кэллэ, ону сыһыарыы эрэ көмөтүнэн ылаҕын" диэн албынныыр…
Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн үгүс үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук…
Сэтинньи 15 күнүттэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа “Золото рядом” быыстапка үлэтин саҕалыаҕа. Тэрээһин…
Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар. Тыа хаһаайыстыбатын…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Нам улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ…