Ис Дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо киниттэн 105 тыһыынча солкуобайын уорбуттарын туһунан үҥсүбүт.
Суһал көрдөөһүн үлэтин түмүгэр полиция үлэһиттэрэ урут сууттана сылдьыбыт 46 саастаах Хаҥалас улууһуттан төрүттээх киһи уорбутун быһаардылар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Полиция үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, эмсэҕэлээбит киһи уонна уорааччы киһи Дьокуускай куорат биир баарыгар билсибиттэр. Ол кэннэ эмсэҕэлээччи саҥа билсибит киһитин дьиэтигэр салгыы арыгылыырга ыҥырбыт. Дьиэлээх хаһаайын утуйан хаалбытыгар, уорааччы түгэни туһанан, кини хармааныттан харчытын уоран баран куотан хаалбыт.
Уоруллубут харчы сорҕото төннөрүллүбүт. РФ Холуобунай кодексатын 158 ыстатыйатын 2-с чааһынан (“Уоруу”) холуобунай дьыала тэриллибит, буруйдаах 5 сылга диэри болдьоҕо быһыллыан сөп.
Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр К. С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин методистара,…
Дойду бааннарынан хас биирдии киһи судаарыстыба туһатыгар ыытар төлөбүрдэригэр түргэн төлөбүр тиһигэр (СПБ - система…
Психология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин исписэлиистэрэ нэһилиэнньэ уйулҕатын бөҕөргөтөргө, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар социальнай-психология өҥөлөрүн сайыннарарга сэтинньигэ Алдан, Бүлүү,…
Алдан улууһугар ИДьМ отделын дьуһуурунай чааһыгар үөрэх киинин исписэлииһэ харчытын уорбуттарын туһунан тыллаабыт. Ол курдук,…
Таба иитэр хаһаайыстыбаларга хараал этэҥҥэ ааһан эрэр. Эбээн Бытантай улууһа бэҕэһээҥҥи - бу дьыл алтынньы…
Күөл мууһа туран, нэһилиэктэргэ мууһу ылыы үгэннээн бара турар кэмэ. [gallery ids="164364,164366,164367"] Кэбээйи улууһун Куокуй…