Полина Победа Арассыыйа Дьоруойа буолбут «Тутаҕа» анаан хоһоон айда

Share

ДОЙДУГА БЭРИНИИ

(Арассыыйа Дьоруойугар А.Н.Григорьевка ананар)

Алааһын алгыһын ылынан,

Сахатын быһаҕын иилинэн

Дойдутун көмүскүү барбыта

Ньурбабыт биир туруу киһитэ!

Олоҥхо дьоруойун санатан

Ууну да, уоту да ааспыта,

Түүлүгэр дэҥнэтэн көрөрө

Эйэлээх олоҕун, дьиэ дьонун!

Биэс оҕо сайыһа хаалбытын

Чанчыга кэйиэлии саныыра,

Этинэн-хаанынан билбитэ

Дойдуну көмүскүүр хайдаҕын!

Хабыр да хапсыһыы кэмигэр

Тэҥэ суох күүстээҕин утарсан

Кутталы, самнары да умнан

Чугуйар диэн тугун билбэтэ!

Билбэтэ кэннинэн кэхтэри!

Биллэ биир кыайыыга дьулууру!

Сахатын ньоҕойун киллэрдэ!

Саха диэн хайдаҕын көрдөрдө!

Аан дойду салынна! Ылынна!

Саха дьиҥ боотурун билиннэ!

Манныктар дойдуну быыһыыллар!

Манныктар кэпсээҥҥэ киирэллэр!

Түөһүнэн сыылла да сырыттар

Өндөрөй өлүүнү утарда!

Бэл өстөөх киһитэ билиннэ:

«Эн кыайдыҥ! Эн чулуу буойуҥҥун!»

Сэрии диэн бу күрэх буолбатах!

Күннэтэ өлүүнү өҥөйүү!

Күннэтэ өстөөхтүүн күөн көрсүү!

Күннэтэ дойдуга бэринии!

ПОЛИНА ПОБЕДА

11.01.2025 с.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ААҔААЧЧЫ СУРУГА: Хорсун байыас Сэмэнчик

Сэмэнчик сибээскэ тахсыбатаҕа хас да хоммутун туһунан сонуну истибиппит. Дьоно хамандыырын кытта кэпсэппиттэригэр: “Кэтэһэбит, арааһынай…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Өлбүт киһи кыбартыыратыгар ким олорор бырааптааҕый?

Кыбартыыра бас билээччитэ өлбүтүнэн нэһилиэстибэни ылыахха диэри онно регистрациялаах олохтоохтор, аймахтар уонна нэһилиэнньиктэр олорор бырааптара…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Циркэ оҕолоро” Кытайга үөрэнэ бардылар

Былырыын Хэбэй акробатическай (цирковой) ускуустуба оскуолата Саха сириттэн 20 оҕону ылан үөрэтэргэ сөбүлэҥин биэрбитэ. Пекиннээҕи…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр суукка иһигэр түөрт баһаар тахсыбыт

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр түөрт техногеннай баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ. Быһылааннар түмүктэригэр эчэйбит уонна өлбүт…

2 часа ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуу Кытайга айан “кистэлэҥнэрэ”

Балаҕан ыйа. Киһи ордук күһүҥҥү уһун киэһэлэргэ санааҕа-онооҕо ылларан, ханна эрэ сылаас дойдуга, саҥа эйгэҕэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дьокуускайга көҥүл тустууга чөмпүйэнээт кыайыылаахтара быһаарылыннылар

Алтынньы 25 күнүгэр «Кыайыы 50 сыла»  успуорт дыбарыаһыгар эр дьоҥҥо көҥүл тустууга Дьокуускайга аһаҕас чөмпүйэнээт…

3 часа ago