Полина Победа: «Бэчээт күнэ»
13.01.2024, 12:45
СИА
Бөлөххө киир:
Бэчээт күнэ! Бэчээт күнэ!
Уруучукам ханнаный?
Ок-сиэ! Зачем ручка?
Бэйэбиттэн сонньуйдум.
Бэчээт эйгэ дьоннорун
Тугу этэн, суруйан
Сэҥээрдээри, үөрдээри(?)-
Саатар биир күн сынньаныым.
Бэчээт диэммит баар буолан
Хоһоон, кэпсээн суруллар!
Бэчээт күнэ баар буолан
Быһаараллар чулууну!
«Сытыы, сыппах» диэбэккэ,
Бөрүө диэни талбакка
Суруйарбын таптыыбын,
Сэргиир дьоммун сэргиибин!
Суруйбакка кэлэриҥ,
Суруйбакка кууһарыҥ,
Аны батсааб үйэтэ —
Көрсүспэккэ билсэбит.
Ааспыт кэммин сүрэҕим
Ордороохтуур өрүүтүн,
Суоҕа буоллар интернет —
Илэ кууһуоҥ этэ дии!
ПОЛИНА ПОБЕДА
13.01.2024с.
+1
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: