Хаартыска: СИА
Хара былыт халыйда
Ааспыт дьайы саната,
Хааны тохпут бу күнү
Хайа сүрэх умнуоҕай?
Хайдах курдук уолуйан
Уһуктубут үһүлэр
Оҕо, ийэ ытаһан
Сэрии буолтун билинэн?!
Фашист үөрэ бомбалаан
Уоран саба түспүтэ,
Ийэ сирбит биир түгэн
Дьигиһийэн ылбыта!
Аба-сата сатыылаан
Аймаабыта дьон кутун!
Быдан сылга ол сэрии
Былдьаабыта дьон дьолун!
Элбэх киһи дьылҕатын
Самнардаҕа, эстэҕэ!
Кэнчээритин, ыччатын
Кэҕиннэрэн аастаҕа!
Хара санаа хаһан да
Хатыланыа суоҕа диэн
Дьоллоох кэмҥэ улааппыт
Көлүөнэлэр этибит.
Хомойуохпут туһугар
Оҕолорбут, сиэннэрбит
Иһиттилэр, көрдүлэр
Суостаах тылы — сэриини!
Атын санаа, атын дьай!
Олох туһар охсуһуу!
Оттон олох биир эбээт —
Киммит биэриэй иккиһи?
Ийэ киһи иккиһин
Өлбүт уолун төрөппөт!
Сүүс чүмэчи туруоран
Дууһа, сүрэх уоскуйбат!
ПОЛИНА ПОБЕДА
22.06.2023 с.
2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлии кэлбит кэнники көлүөнэ “щепкинэцтэри” көрөөччүлэр хайыы үйэ…
Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…
2021 сыллаахха түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…
Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…