Полина Победа: «Бэс ыйын 22 күнэ»

Share

Хара былыт халыйда
Ааспыт дьайы саната,
Хааны тохпут бу күнү
Хайа сүрэх умнуоҕай?

Хайдах курдук уолуйан
Уһуктубут үһүлэр
Оҕо, ийэ ытаһан
Сэрии буолтун билинэн?!

Фашист үөрэ бомбалаан
Уоран саба түспүтэ,
Ийэ сирбит биир түгэн
Дьигиһийэн ылбыта!

Аба-сата сатыылаан
Аймаабыта дьон кутун!
Быдан сылга ол сэрии
Былдьаабыта дьон дьолун!

Элбэх киһи дьылҕатын
Самнардаҕа, эстэҕэ!
Кэнчээритин, ыччатын
Кэҕиннэрэн аастаҕа!

Хара санаа хаһан да
Хатыланыа суоҕа диэн
Дьоллоох кэмҥэ улааппыт
Көлүөнэлэр этибит.

Хомойуохпут туһугар
Оҕолорбут, сиэннэрбит
Иһиттилэр, көрдүлэр
Суостаах тылы — сэриини!

Атын санаа, атын дьай!
Олох туһар охсуһуу!
Оттон олох биир эбээт —
Киммит биэриэй иккиһи?

Ийэ киһи иккиһин
Өлбүт уолун төрөппөт!
Сүүс чүмэчи туруоран
Дууһа, сүрэх уоскуйбат!

ПОЛИНА ПОБЕДА
22.06.2023 с.

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

1 час ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүгэр сулустар тугу сүбэлииллэрий?

Күн Чубуку бэлиэтигэр киириитэ үпкэ-харчыга сыһыаны уларытар. Ыһыы-тоҕуу кэмэ ааһан, барытын чопчу былаанныыр, кэмчилиир уонна…

2 часа ago