СИА, Мария Васильева хаартыската
ЭЙЭ БААР БУОЛЛУН!
Сэлэлии хаампаппыт да буоллар
Күөх Маайы дууһабыт кэтэһэр,
Сырдык күн син тыгар халлааҥҥа,
Сааскы тыал илгийэр илинтэн.
Илгийэр, сипсийэр кулгаахпар:
«Барыта этэҥҥэ буолуоҕа!
Олохпут оҥкула уоскуйуо,
Сыыйа кэм оннугар түһүөҕэ!»
Күөх Маайы, Кыайыыны көрсүһэ
Кумааҕы холууппун оҥордум,
Тыллыбыт мутукчам остуолбар
Ахтылҕан сытынан дыргыйар!
Сэлэлии хаамары көрбөтөх
Сиэннэрим сонургуу көрөллөр,
Сүтүкпүн сэрэйбэт буоланнар
Оҕолуу сэгэйэ үөрэллэр!
Ырыа да тыллара умнуллан
Сэлэлии хаампатах ырааппыт,
Сирэйдиин сырдааммыт сиэттиспит
Сэгэрим эн бүгүн ханнаҕын?
Бүгүҥҥү күн бэҕэһээ буолбатах,
Урукку кэм эргиллэр кыаҕа суох!
Ол эрэн ЭЙЭ диэн баар буоллун!
Сүрэхпит таптыыры сатаатын!
Полина Победа
01.05.2023
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…