СИА, Мария Васильева хаартыската
ЭЙЭ БААР БУОЛЛУН!
Сэлэлии хаампаппыт да буоллар
Күөх Маайы дууһабыт кэтэһэр,
Сырдык күн син тыгар халлааҥҥа,
Сааскы тыал илгийэр илинтэн.
Илгийэр, сипсийэр кулгаахпар:
«Барыта этэҥҥэ буолуоҕа!
Олохпут оҥкула уоскуйуо,
Сыыйа кэм оннугар түһүөҕэ!»
Күөх Маайы, Кыайыыны көрсүһэ
Кумааҕы холууппун оҥордум,
Тыллыбыт мутукчам остуолбар
Ахтылҕан сытынан дыргыйар!
Сэлэлии хаамары көрбөтөх
Сиэннэрим сонургуу көрөллөр,
Сүтүкпүн сэрэйбэт буоланнар
Оҕолуу сэгэйэ үөрэллэр!
Ырыа да тыллара умнуллан
Сэлэлии хаампатах ырааппыт,
Сирэйдиин сырдааммыт сиэттиспит
Сэгэрим эн бүгүн ханнаҕын?
Бүгүҥҥү күн бэҕэһээ буолбатах,
Урукку кэм эргиллэр кыаҕа суох!
Ол эрэн ЭЙЭ диэн баар буоллун!
Сүрэхпит таптыыры сатаатын!
Полина Победа
01.05.2023
«Буратино» киинэ уопсай хомуура 1,5 млрд солкуобайы куоһарда. Бу Киинэ пуондатын Биир кэлим автоматизированнай информационнай…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Тайах оҕото"…
Өрөспүүбүлүкэҕэ эми-тому атыылаһыыга уонна тарҕатыыга сыһыаннаах эмп-том хааччыйыытын ньымалара тохсунньу 9 күнүгэр СӨ Ил Дархана…
Ньурба улууһугар полиция үлэһиттэрэ Саҥа дьыл түүнүгэр тыаҕа муммут уонна суолга хаарга хаайтарбыт массыыналаах ыалга…
Дьокуускай куорат борокуратуурата криптовалютаҕа инвестициялыыр аатыран дьон үбүн-харчытын уорууга сыһыаннаах холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Бу…
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, тохсунньу 9 күнүгэр, оробуочай сырыытынан Дьокуускайга баар Искэн киинин үлэтин…